22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Өлүөнэ эбэни туоруур муоста тутуутун сыаната өссө үрдүөҕэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Тутуу матырыйааллар сыаналара ыараан, Өлүөнэ өрүһү туоруур муоста тутуутун сыаната үрдүүрүн сабаҕалыыллар. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев ТАСС таһаарыытыгар интервьюга биллэрдэ.

«Былырыыҥҥыттан саҥалаан, тутуу матырыйаалларыгар сыана үрдээтэ, бастатан туран, тимир сыаната ыараата. Ол эбэтэр сыана үрдээһинэ Арассыыйа утары улахан санкциялары киллэрэ иликтэриттэн саҕаламмыта, — диэн Николаев муоста тутуутугар санкциялар сабыдыалларын туһунан ыйытыыга хоруйдаата — «Инфляция, биллэн турар, муоста сыаната үрдүүрүгэр тириэрдиэн сөп».

Кини этэринэн, муостаны бырайыактааһыҥҥа тас дойдуттан кэлэр деталлар ахсааннарын олох муҥутуур кыччатааһыҥҥа кыһаллыбыттара. «Бырайыакка киирбит импортнай деталлары эйэлээх дойдулартан холкутук аҕалыахпытын сөп», — диэн Николаев чопчулаата.

«Суоллары уонна муосталары тутуу дойду экономикатын биир саамай улахан салаалара, онон бу хайысхалар импортан улахан тутулуга суохтар, манна сүнньүнэн олохтоох оҥорон таһаарыынан туһаналлар, онон чопчу санкция дьайбат. Инфляция сабыдыаллыаҕа. Болдьохторун туһунан этэр буоллахха, Ленскэй муоста тутуута үбүлээһинтэн эрэ тутулуктаах», — диэтэ регион баһылыга.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА