От ыйын 15 күнүгэр Өлөөн улууһугар таба муоһуттан харысхал оҥорон таһаарыыга мастер-кылаас буолан ааста.
Бары кыттааччылар тэрээһини сөбүлээбиттэр, маннык айымньылаах үлэ күннээҕи түбүктэртэн, куһаҕан санааларга аралдьыйарга көмөлөһөр. Урбаанньыт уонна маастар-кылаас спикерэ Татьяна Гоголева этэринэн, бу бэйэтэ медитация кэриэтэ буолар.
«Маастар- кылаас таһаарыылаахтык ааста. Бастатан туран, тэрээһин үлэтин бары матырыйаалларын эрдэттэн бэлэмнээбиттэр, онтон харысхал суолтатын, историятын билиһиннэрдилэр. Татьяна Гоголева маастарыстыбатын барытын көрдөрдө, ону тэҥэ сувенирдары бэлэмнээһин процеһыгар бары ыйытыыларга эппиэттээтэ», — диэн Изабелла Васильева маастар-кылаас кыттыылааҕа үллэһиннэ.
«Биһиэхэ төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттар историяларын кэпсээтилэр уонна араас оһуордары көрдөрдүлэр. Тэрээһинтэн бары үөрэн-көтөн, сэргэхсийэн барбыппыт», — диэн маастар Марианна Степанова иһитиннэрдэ.