«Өлүөхүмэ» аэропордун көтөр балаһатыгар үлэ салҕанан барар. Бэлиэлэр оҥоһуллаллар, уота-күөһэ тардыллар.
Балаҕан ыйын 20 күнүгэр Өлүөхүмэтээҕи порт өрөмүөннүүр үлэтинэн мунньах буолла. Онно тэрилтэ дириэктэрэ Владимир Разинков бастакы соруктары иһитиннэрдэ.
Аэрпорт бары өттүнэн үлэтин саҕалыырыгар күрүөтэ-хаһаата, аварийнай-быыһыыр ыстаансыйата тутуллуохтаах, аэровокзал өрөмүөннэниэхтээх уонна көтөр ааллар балаһаларын көрөр-истэр техника ылыллыахтаах.