25 Сэтинньи 25.11
  • -20°
  • $ 102,58
  • 107,43

Өлүөхүмэ аэропорда бүгүн Ан-24, Bombardier Dash 8 Q300 көтөр ааллары көрүстэ

19:01, 20 октября 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Өлүөхүмэ» аэропорт алтынньы 20 күнүттэн III кылаастаах көтөр ааллары көрүстэ. Алтынньы 23 күнүгэр саҥардыллыбыт эбийиэк бастакы пассажирдардаах рейса Дьокуускай — Өлүөхүмэ — Дьокуускай хайысханан Ан-24 сөмөлүөтүнэн оҥоһуллуоҕа. «Полярные авиалинии» хампаанньа билиэти атыылааһыны саҕалаата.

Алтынньы 21 күнүгэр Маҥан аэропортан Ми-8 бүтэһик рейсин оҥоруоҕа.

Санатар эбит буоллахха, 2021 сыл олунньу 4 күнүгэр Өлүөхүмэ аэропордугар III кылаастаах көтөр суудуналарга хааччахтааһын киирбитэ. Тустаах эбийиэккэ 2019 сыллаахха магистральнай инфраструктураны саҥардыы уонна кэҥэтии былаанынан өрөмүөн үлэтэ саҕаламмыта.

Сиһилии https://ysia.ru/aeroport-olekminsk-s-20-oktyabrya-nachnet-prinimat-vozdushnye-suda-an-24-bombardier-dash-8-q300/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА