Бүтүн өрөсүүбүлүкэ үрдүнэн ыытыллар баҕа өттүнэн «Амарах санааланыы нэдиэлэтэ» тэрээһин чэрчитинэн оройуоҥҥа тэрилтэлэринэн араас хабааннаах тэрээһиннэр көхтөөхтүк ыытылла тураллар.
Оҕо искусствоҕа оскуолатын уһуйааччылара үҥкүүгэ, вокалга, скрипкаҕа, фортепианоҕа, муодаҕа дьарыктыыр оҕолорун концертарын тэрийэн ыыттылар, киирбит үптэрин эмкэ барар оҕолорго аныахтара. Манна саамай үөрүүлээх түгэннэринэн урут бу оскуоланы бүтэрбит ийэлэр оҕолорунаан кэлэн кыттыбыттара буолар, ыллаатылар даҕаны, оҕолорун кытта тэҥҥэ пианиноҕа оонньоон көрөөччүгэ сэмэй нүөмэрдэри көрдөрдүлэр.
Харыйалаах нэһилиэгэр «Умунду» эдэр ийэлэр түмсүүлэрэ үтүө санааланыы акцияҕа кыттан «Алаас» бааһынай хаһаайыстыбаҕа ынахтары ыан, саҥа төрөөбүт ньирэйдэри, кууруссалары аһатан көмөлөһө сылдьаллар. Туяра Уодай салайааччылаах Анна Зоркина, Снежанна Семенова, Мария Васильева уонна эдэр кыыс Валерианна Новгородова буолан Татьяна Прокопьевнаҕа күүс-кҥмҥ буолаллар. «Дьүөгэ» эбэлэр түмсүүлэрэ сал. Павлова В.П. сүөһүлэргэ ас хомуйан илдьэн биэрдилэр, ити эмиэ болҕомто. Гериатрическай балыыһа тэрилтэтэ сал. Степанова С.Е. дьиэҕэ олорор ветераннары флюорографияҕа түһэллэрин хааччыйда, икки сырыы оҥорон 23 киһини босхо Јлөөн балыыһатыгар аҕалан кырдьаҕастар махталларын ыллылар. Чааһынай предприниматель Кирилл Игнатьев эмиэ бу балыыһаҕа сытар 4 киһиэхэ баттах кырыйан бэйэтин үлэтинэн өҥө оҥордо.
Оройуоннааҕы кииннэммит библиотека иһинэн 12 киһи уус-уран кинигэлэри көҥүл өттүлэринэн аҕалан бэлэхтээтилэр, бу кинигэлэри библиотека үлэһиттэрэ Харыйалаахха гериатрическай балыыһаҕа туттардылар.
Итини тэҥэ Өлөөн нэһилиэнньэтэ ыарахан балаһыанньалаах ыалларга материальнай көмө оҥоруутугар тэрилтэлэринэн көхтөөхтүк кыттыбыттарын бэлиэтиир наада. «Кэнчээри» оҕо уһуйаанын иитиллээччилэрэ аһымал концертарын көрөөччүлэргэ бэлэх ууннулар. Бу коллектив өссө төгүл биир сомоҕолоохторун, төрөппүтү кытта ыкса чугастык үлэлииллэрин дакаастаан, аҕалар нарын-намчы кыргыттарын кытта киһи эрэ долгуйуох курдук үҥкүүлэрин көрөөччүлэр дохсун ытыс тыаһынан көрүстүлэр. Аһымал концертка аҕалар кэлэн кыттыбыттара бэйэтэ ураты сүүрээн буолар.