24 Сэтинньи 24.11
  • -27°
  • $ 102,58
  • 107,43

Кытаанахха түргэнник ситэр салааны Неустроевтар баһылыыр былааннаахтар

Хаартыска: Саҥа олох хаһыат
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Кытаанах нэһилиэгин биир киэн туттар ыала Нестеровтар тыйыс усулуобуйалаах кырыа кыһыммытыгар түргэнник ситэр дьиэ кыылларын былырыыҥҥыттан саҕалаан иитэллэр.

 

Төлөй нэһилиэгин олохтоохторо Василий, Вера Дьячковскайдары кытары билсиэхтэриттэн ылата, куурусса араас боруодатын таһынан куһу-хааһы эмиэ туталлар. “Былырыын өссө 20-чэ киилэлээх индюктары кытары ииттэ сылдьыбыппыт”, — диэн алаһа дьиэ Хотуна Лена Михайловна күлэ-үөрэ сэһэргиир.

Бу күннэргэ инкубаторга бүөбэйдэммит сымыыттарыттан чоппуускалар тахсаннар хаһаайка түбүгэ үгүс. Саҥардыы тахсыбыт көтөрдөр улааттахтарына олус дьэрэкээн дьүһүннээх буолуохтаахтар. Онон “тиэргэн киэргэлэ буолуохтара” диэн Нестеровтар бэйэлэригэр хаалларар былааннаахтар.

“Көтөрдөрү иитиинэн дьарыктаныыбыт ас-үөл, дохуот эрэ ылаары буолбакка, бастатан туран, оҕолорбутун, сиэннэрбитин үлэҕэ-хамнаска сыһыарарга, ситиһии үлэттэн тахсарын өйдөтөргө анаан тутабыт. Былырыын биэс устуук индюгу, 30 устуука маҥан кустары ииппиппит. Онтон быйыл Дьячковскайдартан 10 устуука пушкинскай чоппуускалары атыыласпыппыт, биирдии нэдиэлэлээхтэр 3-түү мөһөөх солкуобай этэ. Итини сэргэ икки араас боруодалаах 4 устуука куһу ыллыбыт. Салгыы Чурапчы нэһилиэгиттэн 60 устуука сымыыт атыылаһан инкубаторга уураммыт ол сымыыппытыттан 53 чоппууска таҕыста, ол онтон 10-нун атыылаатыбыт онтон атынын иитээри былаанныыбыт. Көтөрдөрү ииттиэн баҕалаах дьоҥҥо сүбэм диэн, элбэҕи ылаҥҥыт иитэргит ордук, ночоотуруом эҥин диэҥҥит олох санаамаҥ. Холобура, биһиги ыал былырыын-быйыл сибиэһэй эппитинэн олох быстарбатыбыт. Оҕолорум бары куоракка олороллор, кинилэргэ эмиэ эппититтэн ыыта олоробут.

Индюктар 20-лии киилэ ыйааһыҥҥа тиийбиттэрэ, “па” үһү дуо? Атыырдар улахан буолаллар эбит, ол эрэн этин минньигэһинэн тыһы индюк ордук. Кус туһунан киһи этэ даҕаны барбат, былырыын холобура ый кэриҥэ эрэ аһаппыппыт буолуо, онтон атынын бэйэлэрэ булан-талан аһаан-сиэн сайылаабыттара, күһүн хойутуу эрэ кэлбиттэрэ, күөлгэ ол оннук ууста сылдьыбыттара. Бэйэ бородууксуйатын, сибиэһэй этинэн аһаабыт быдан ордук”, – диэн үлэһит дьон санааларын үллэстэллэр.

Сэмэн Жендринскэй, Саҥа олох хаһыат

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА