Саха сиригэр Кыайыы күнүн көрсө 1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарыгар, инбэлииттэригэр, сэрии кыттыылаахтарын огдооболоругар, “Блокадаламмыт Ленинград олохтооҕор” бэлиэнэн наҕараадаламмыттарга биир кэмнээх харчынан төлөбүр оҥоһуллуо. Ол туһунан туһааннаах Ыйаахха Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Егор Борисов илии баттаата.
Эбии социальнай өйөбүлү оҥорор сыалтан Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарыгар, инбэлииттэригэр 15-тии тыһыынча солкуобай; сэриигэ өлбүт буойуннар огдооболоругар 10-нуу тыһыынча солкуобай; “Блокадаламмыт Ленинград олохтооҕор” бэлиэнэн наҕараадаламмыт дьоҥҥо 10-нуу тыһыынча солкуобай; сэрии кыттыылаахтарын огдооболоругар – 5-тии тыһыынча солкуобай төлөнүөҕэ.
Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтигэр биир кэмнээх төлөбүрү 2017 сыл ыам ыйын 9 күнүгэр диэри оҥороругар сорудахтанна.