Усуйаана нэһилиэгэр бар дьон үөрүүтүн үксэппит, өрөгөйүн улаатыннарбыт Кыайыы үбүлүөйдээх 75 сылыгар үгүс тэрээһин ыытыллар. «Кэскил» култуура дьиэтигэр ытыктабыллаах тыыл, үлэ бэтэрээннэрэ уонна сэрии сылларын оҕолоро муһуннулар.
Тыыл, үлэ бэтэрээннэрэ Александра Николаевна Дохунаева, Татьяна Кононовна Горохова уонна сэрии сылларын оҕолоро, Усуйаана улууһун бочуоттаах олохтоохторо Евдокия Михайловна Батюшкина, Алексей Иванович Барабанскай кэтэһиилээх күндү ыалдьыттарынан буоллулар.
«Кэскил» култуура дьиэтин уус-уран салайааччыта Павлина Михайлова салайааччылаах «Кэскилээнэ» оҕо вокальнай ансаамбыла патриотическай ырыалары ыллаан, хоһооннору ааҕан бэлэхтээтилэр. Кэрэ куоластарынан Ира Корякина уонна Сосо Томскай ырыа ыллаан дьоһун дьоммутун сэргэхситтилэр.
— Орто дойдубут эйэлээх олоҕун оҥкулун уурбут хорсун-хоодуот санаалаах бэтэрээннэрбитигэр сиэннэрэ, оҕолоро сэмэй бэлэхтэрин туттардылар. Күндү аҕа көлүөнэ дьоммут үүнэр кэнчээри ыччакка баҕа санааларын, махтал тылларын эттилэр. Ытыктыыр дьоммутугар баҕарабыт оҕолоргут, сиэннэргит тапталларыгар уйдаран уһун дьоллоох олоҕу, кытаанах доруобуйаны! Эйэни аҕалбыт, көҥүлү түстээбит кэскиллээх дьыалаҕыт биһиги өйбүтүгэр-санаабытыгар, олохпутугар сөҥөр! – диэн кэпсээтэ Матрена Попова.