Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр Ржев оройуонугар Нам улууһуттан үгүс элбэх саха саллаата олоҕун толук уурбута. Ржевтээҕи кыргыһыы түмүктэммитэ номнуо 77 сыл ааста. Ол күн чэрчитинэн Нам улууһугар элбэх тэрээһин үрдүк таһымнаахтык ыытылынна.
П.И. Сивцев аатынан история уонна этнография музейыгар улахан кылаас оҕолоругар музей уруога буолла. Тэрээһиҥҥэ Нам 1-дээх орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ, СР ыччат уонна социальнай коммуникация миниистирин бастакы солбуйааччы Александр Сусоев, улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Петр Абрамов, СР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, 2002-05 сс. Ржевтээҕи мемориалы хаттаан тупсаран оҥоруу үлэлэрин тэрийээччи Николай Горохов, улуус ветераннарын сэбиэтин председателэ Софья Кобякова кыттыыны ыллылар.
Быыстапка отделын сэбиэдиссэйэ Рустам Федоров уоттаах сэрии кэмин тыйыс чахчыларын, биир дойдулаахтарбыт хайдах курдук киирсибиттэрин, хас киһи баран Ийэ дойдубутун көмүскээбитин туһунан олус интэриэһинэй иһитиннэрии оҥордо.
Ржевскэй уулуссаҕа турар Ржев куоратын уонна Ржев оройуонун босхолооһуҥҥа кыттан олохторун толук уурбут буойуттарга аналлаах мемориальнай комплекска сүҥкэн суолталаах үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ муһуннулар. Кыргыс хонуутугар охтубут буойуттары кэриэстээн чочумча чуумпуран ыллылар. Мемориальнай комплекска сибэкки дьөрбөтүн уурдулар.
Улуус баһылыга Юрий Слепцов, СР ыччат уонна социальнай коммуникация миниистирин бастакы солбуйааччы Александр Сусоев, СР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Николай Горохов, Ленскэй нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы Тимофей Охлопков, улуус ветераннарын сэбиэтин председателэ Софья Кобякова, байыаннай комиссар, майор Олег Возный, ыччат администрациятын председателэ Виталий Евсеев эҕэрдэлээтилэр. Улуус баһылыга Юрий Слепцов Нам улууһа уонна Ржев оройуона ыкса сибээстээхтэрин, буойуттарбыт ааттарын үйэтитиигэ бииргэ үлэлэһэллэрин, инникитин даҕаны сибээс өссө бөҕөргүүрүгэр үлэ ыытылларын туһунан кэпсээтэ.
«Сардаҥа» киинэ театрыгар Ржев туһунан документальнай уонна «Калашников» диэн уус-уран киинэлэри нэһилиэнньэҕэ көрдөрүү буолла. Манна эдэриттэн эмэнигэр тиийэ элбэх киһи сырытта. Ону сэргэ Нам сэлиэнньэтин оскуолаларыгар бу тиэмэҕэ кылаас чаастара ыытылыннылар.
Күн-дьыл аастаҕын ахсын маннык тэрээһиннэр суолталара улаатан, күндүтүйэн иһиэхтээхтэр. Ытык дьоммутугар-сэргэбитигэр сүгүрүйүү, ытыктабыл, кинилэр сырдык ааттарын үйэтитии – бу биһиги ытык иэспит буоларын умнуо суохтаахпыт.