23 Сэтинньи 23.11
  • -21°
  • $ 102,58
  • 107,43

Куурусса уонна коза иитэр ыччат лидерэ

21:18, 19 июля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Кэбээйи улууһун Мастаах нэһилиэгин ыччатын лидерэ Алена Алексеева хаһаайыстыбата баай – икки ыанар ынахтаах, икки ньирэйдээх, икки козалаах уонна… сүүс кууруссалаах. Алена бэйэтэ 2008 сыллаахха Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын академиятын бүтэрэн, технолог идэтин ылбыт. Онон, сүөһүгэ-аска тыыппалаах эбит.

«Бастаан тэринэрбэр сүүс тыһыынча солкуобай хаппытааллаах этим. Ол харчынан куурусса атыыласпытым. Кыһыҥҥы кэмҥэ күҥҥэ сүүрбэччэ сымыыты ылабыт. Нэһилиэгим дьоно эрдэттэн сакаастаан, тута атыылаһаллар. Былдьаһыгынан барар. Биир сымыыты 13 солкуобайга биэрэбин. Ыччат лидеринэн анаммытым сылтан орто. Ол иннинэ үүт пуутугар, бэкээринэҕэ, почтаҕа үлэлээбитим», — диир Алена.

Мастаах ыччатын лидерэ халыҥ хаһаайыстыбатын уонна икки уол оҕотун көрөн-истэн олорор. «Тыа сиригэр үчүгэй, куоракка көһөр санаам билиҥҥитэ, суох», — диир. Кини, кырдьык, тыа сирин өрө тардар ыччат.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА