«Кузьмина диэн дьахтар киһи бөҕөтүн албыннаан баран, биһиги харчыбыт суотугар күүлэй тэбэ сылдьар. Сууту-сокуону билиммэт. Аны билигин ханна баара биллибэт. Куота-көтө сылдьар. 1 мөл. солк. тахса харчыбын күн бүгүнүгэр диэри төнүннэрэ илик», – диэн кэпсээннээх ааспыт нэдиэлэҕэ Зинаида Михайлова диэн дьахтар эрэдээксийэбитигэр кэлэ сырытта.
Дириэктэр саһа сылдьар
Хас да сыллааҕыта хаһыаппыт ааҕааччыта Зинаида Михайлова мунньубут харчытын өссө элбэтэр, үлүннэрэр сыалтан, куорат биир биллэр-көстөр «Алсакредит» ТХКПК илдьэн бааннааҕар үрдүк бырыһыаҥҥа уурдарбыт. Кэпэрэтиип үлэһиттэрэ харчылаах килийиэн иннигэр-кэннигэр сүүрэн-көтөн, үбэ-харчыта таах сытан эрэ элбии-улаата туруо диэн минньигэс тылларынан эрэннэрбиттэр. Онон, аҥаардас рекламаҕа итэҕэйэн, кини «Алсакредит» кэпэрэтиип чилиэнинэн буолбутун, харчы укпутун билбэккэ да хаалбыт.
Маннык кэпэрэтииптэр дьоҥҥо иэс харчы биэрэллэрин таһынан, дьонтон харчыны бырыһыаҥҥа туталлар. Алта ый, биир-икки сыл иһигэр дьон уурбут харчытыттан барыс аахсар. Ол эрээри үп-харчы киирэрэ бытаардаҕына, биитэр тэрийээччилэр бэйэлэрин сыалларыгар туһаннахтарына, кэпэрэтиип эстии-быстыы суолугар үктэнэр. Бүгүҥҥү туругунан, докумуоннарга олоҕуран көрдөххө, «Алсакредит» 100-тэн тахса киһиэхэ иэстээх. Ол аата бу дьон албыннаппыт пайщиктаахтар ахсааннарыгар киирэллэр. Хоромньу кээмэйэ – 60 мөл. солк. тахса. Өссө бу сууттаспыт эрэ дьон харчыта. Сорохтор, суукка тиийбэккэ, баччааҥҥа диэри Кузьмина киһилии майгытыгар эрэнэн, саҥата-иҥэтэ суох кэтэһэн олороохтууллар.
2006 сылтан үлэлээбит
Кэпэрэтиип 2006 сыллаахха тэриллибит. Дьокуускай куорат Орджоникидзе уулуссатын, 3/1 дьиэтигэр аадырыстаах. Интэриниэккэ киирэн «Алсакредит» диэни көрдүм. Ykt.ru сайт форумнарыгар наар албыннаппыт дьоннор Кузьмина дириэктэри көрдөөн, ирдэһэн суруйаллар эбит. Үгүс дьон 2015 сылтан уурдарбыт харчыларын ыла иликтэрин суруйбуттар.
Тэрилтэ дириэктэрэ – Кузьмина И.С. диэн. Тэрийээччилэр (учредители) балай да элбэхтэр. Владимирова А.С., Иванов Д.М., Кузьмин С.С. уонна өссө 12 киһи аата суруллар сылдьар. Михайлова кэпсииринэн, бу дьон бары биир дойдулаахтарын ааһан, өссө аймахтыылар үһү. Урут улуустарга филиаллары аһан үлэлэтэ сылдьыбыттар эрээри, үп-харчы өттүнэн балаһыанньалара доҕолоҥноон, эбии офистарын саппыттар.
2014 сыллааҕы үп-хаһаайыстыбаннай отчуоттарыттан көрдөххө, тэрилтэ оччолорго 646 тыһ. солк. баайдаах эбит, онтута даҕаны миэбэл – остуол, олоппос…
Кириисис ытарчатыгар ылларбыттарын да үрдүнэн, дьонтон бырыһыаҥҥа харчы ыла олорбуттар. Өссө өрө баран, килийиэннэрин элбэтэр сыалтан, 2015 сыллаахха «Синтай» тыраахтары оонньоппуттар. Тыраахтар сүүйэр баҕаттан, килийиэннэр харчыларын туппутунан «Алсакредиккэ» тиийбиттэр.
773 дуогабары түһэрсибиттэр
Тэрилтэ ыйыллыбыт нүөмэрдэринэн эрийэ сырыттым да, мэлигир. Ким да эппиэттээбэт. Онуоха, Зинаида Васильевна, онно эрийэр туһата суоҕун, ааннара хатаммыта быданнаабытын эттэ. Инньэ гынан, бу матырыйаалбын оҥорорбор, «Алсакредит» бэрэстэбиитэллэрин булан кэпсэппэтим.
Интэриниэти хасыһан көрдөххө, кирэдьииттиир кэпэрэтииби кытары чилиэннэр 2016 сылтан саҕалаан сууттаспыттар даҕаны, харчыларын төнүннэрбит киһи ахсааннаах быһыылаах.
Кэпэрэтиип хара тэриллиэҕиттэн 2016 сыл кулун тутар 31 күнүгэр диэри физическэй сирэйдэри кытары 773 уурдарыы дуогабарын түһэрсибит. Ол уопсай суумата 558 мөл. 490 тыһ. солк. тэҥнэһэр. 2016 сыл кулун тутар 31 күнүнээҕи туругунан, чилиэннэригэр 100 мөл. 666 тыһ. солк. иэстээхтэр.
Кэпэрэтиип дьоҥҥо иэс харчы эмиэ биэрэ сылдьыбыт. 870 дуогабарга илии баттаһан, тэрилтэ хаассатыттан 376 мөл. солк. 566 тыһ солк. харчы бэриллибит. Өссө биэс юридическэй сирэйгэ иэс харчы биэрбиттэр. Холобур, «Альфастрой» ХЭУо күн бүгүнүгэр диэри «Алсакредиккэ» 5,5 мөл. солк. иэстээх. Аны киһи сөҕүөн иһин, бу тэрилтэни тэрийээччилэртэн биирдэстэринэн Кузьмина бэйэтэ буолар. Онон, бу бутуурдаах дьыала эбит.
«ЯРКО», «Сайдыы» суолунан
Хомойуох иһин, маннык түбэлтэлэр тахса тураллар. Иэс биэрэр, дьонтон бырыһыаҥҥа харчы ылар кэпэрэтииптэр үптэрин кыайан эргиппэккэ моҥкуруут бараллар. Өйдүүргүт эбитэ дуу, хас да сыллааҕыта «Сайдыы» КПК өрөспүүбүлүкэ олохтоохторуттан 270 мөл. солк. харчыны хомуйан баран, бэрэссэдээтэллэрэ өлбүтүн кэннэ, үлэһиттэр туох да буолбатаҕын курдук, дьонтон салгыы харчы хомуйбуттара. Түмүгэр үлүгэрдээх иэскэ киирбиттэрэ.
«ЯРКО» кирэдьииттиир-потребительскай кэпэрэтиип хара испииһэккэ киирбитэ эмиэ ыраатта. Кинилэр тустарынан хаста даҕаны «Саха сирэ» хаһыакка суруйан турабыт. Үлүгэрдээх элбэх киһи харчыларын кыайан төнүннэрбэккэ, сууттан ордубаттар. Билигин, албыннаппыт пайщиктар харчыларын бырыһыана да суох, укпуттарын эрэ, ону даҕаны чаас-чааһынан ыларга да сөбүлэһэллэр.
Дьон кылгас кэм иһигэр харчыларын хас да бүк улаатыннарар, барыс аахсар туһуттан кирэдьииттиир кэпэрэтииптэр өҥөлөрүнэн туһаналлар. Дьиҥэр, чааһынай үп-харчы тэрилтэлэрэ сабылла, моҥкуруут бара туралларын көрө-билэ сылдьар эрээри, маннык албыннатыылаах суолга киирэн биэриэ суох этилэр. «Алсакредиккэ» албыннаппыт дьон холуобунай дьыала тэриллэрин кэтэһэллэр даҕаны, билигин бэрэбиэркэ бара турарынан сибээстээн, дьыала уһаан-кэҥээн иһэр.