Суруйааччы Елена Слепцова-Куорсуннаах Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Сэбиэскэй Сойуус дьоруойа Василий Лукин туһунан «Биһиги тыыннаахпыт!» диэн романа сүрэхтэннэ. Кинигэ тыһыынча экземплярынан бэчээттэнэн таҕыста.
Василий Лукин 1941 сыл атырдьах ыйыгар сэриигэ ыҥырыллан баран, дойдутугар 1946 сыллаахха биирдэ төннөр. Кини Острогожско-Россошанскай, Курскай-Орловскай, Харьковскай, Сандомирскай уонна атын кыргыһыылар кыттыылаахтара. Маны таһынан Василий Польша, Румыния, Венгрия, Чехословакия босхолооһуннарыгар сылдьар. Дьоруой 1969 сыллаахха сэрии хонуутугар ылбыт бааһырыытыттан өлбүт.
Кинигэҕэ Василий Лукин чугас доҕоро, Чувашияттан Павел Никифоров ахтыылара киирбиттэр. Павел үөрэнэр тэтэрээккэ Василийдыын сэрии ыар кэмнэрин хайдах ааспыттарын сиһилии суруйан хаалларбыт. Кинигэҕэ Василий 1941-1946 сылларга сэриилэспит кыргыһыылара бары кэпсэммиттэр.
Онлайн ыытыллыбыт сүрэхтэниигэ Герой уола Андриан Лукин кинигэҕэ норуот доҕордоһуута ойууламмытын эттэ. «Хас биирдии дьоруой — араас омук бэрэстэбиитэлэ. Ити оруннаах. 15 сойууһунай өрөспүүбүлүкэ олохтооҕо биир сомоҕо буолан, дойдутун туһугар бэриниилээхтик киирсэн, өстөөҕү кыайбыппыт», — диэтэ кини.