Хой ♈️
Бүгүн барыта түргэн-түргэнник ааһыа. Барытын саба тутан бүтэриэххитин баҕарар буоллаххытына, тэтимҥитин эмиэ түргэтэтиҥ.
Оҕус ♉️
Аймахтаргыт, чугас дьоҥҥут дьыалатыгар эбэтэр тус бэйэҕит интэриэскитигэр ыраах айаҥҥа барыаххытын сөп. Күүскүт-уоххут онуоха толору, баҕаҕыт баһаам.
Игирэлэр ♊️
Бүгүн эрдэ былааннаабыккытын барытын умнуҥ, эһиги баҕарбыккыт курдук табыллыа суоҕа. Ол быыһыгар уруккуттан мөккүһэр дьыалаҕытыгар кыайыылаах тахсыаххытын сөп.
Рак ♋️
Наһаа элбэххэ хайдыма, саамай сүрүнүн оҥоро сатаа. Хайдах да кыһалыннаргын хайҕанарын кыра буолуо. Аныгыскы нэдиэлэҕэ барыта көнүө.
Хахай ♌️
Күнүҥ үтүө түгэннэриттэн олус астыныаҥ. Доҕотторгун кытары алтыһыыҥ бүгүн улахан суолталаах. Биир санаалаахтарыҥ элбиэхтэрин, саҥа дьыаланан үлүһүйүөххүн сөп.
Кыыс ♍️
Үлэҕэр кыра өйдөспөт түгэн, үлэ хаамыытыттан астыммат буолуу тахсыан сөп. Ол гынан баран, кимниин эрэ биир тылы булбатаҕыҥ төттөрүтүн бэйэҕин сайыннараргар, саҥа суоллары буларгар көҕүлүө.
Ыйааһын ♎️
Судургута суох күн күүтэр. Тулалыыр дьоҥҥуттан эбэтэр үлэҕэр соччото суох быһыы тахсыан сөп. Дьиэ кэргэҥҥэр барыта этэҥҥэ, үп-харчы өттүгэр өйдөспөт буолуу тохтуоҕа.
Скорпион ♏️
Эһиги кыайыыгыт — көрдөөх майгыгытыгар уонна дьону кытары эйэлээх сыһыаҥҥытыгар. Күүскүт — ыксала суох, холкутук сылдьаргытыгар.
Охчут ♐️
Үлэҕит олус элбэх, бүгүн иллэҥ буолбаккыт. Тус олоххутугар чугас киһигитин кытары сыһыаҥҥытыгар саҥа сүүрээн киириэн сөп. Ол үчүгэйдик дьайыа.
Чубуку ♑️
Олох сылайбаккыт, саҥа күүһүнэн-уоҕунан тыган олороҕут. Хайҕабылы, үтүө тылы истэргэ, тапталга бэлэмҥит.
Күрүлгэн ♒️
Дьылҕаҕыт уустук кыһалҕаны быһаарар кыаҕы биэриэҕэ. Күннээҕи буола турар быһыыны-майгыны сонуннук көрүөххүт. Тулалыыр дьоҥҥут билиниэхтэрин, сыаналыахтарын баҕарыаххыт.
Балыктар ♓️
Доҕотторгутун, үгүс билэр дьоҥҥутун көрсүөххүт. Ону тэҥэ ис туруккутун тургутар моһоллор көстүөхтэрин сөп. Дьол чэпчэкитик кэлбэт диэни өйдүүр буоллаххытына барыта этэҥҥэ буолуо.
Аһаҕас источниктар.