22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Кулун тутар 17 күнэ. Ирландияҕа Сибэтиэй Патрик бырааһынньыга - Бикипиэдьийэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бэлиэ күннэр

День эвакуации(округ Саффолк, Массачусетс) День Святого Патрика, государственный праздник в Ирландии,Монтсерратеиканадской провинцииНьюфаундленди Лабрадор, широко распространен в русскоязычном мире и в меньшей степени в других частях мира.

Түбэлтэлэр

  • Б.э.и. 45 сыл — Юлий Цезарь Тит Лабиен уонна Помпей Балыс баһылыктаах сэриини Мунда аттыгар кыайбыт. Бу кини өлүөн иннинэ бүтэһик кыайыыта этэ.
  • 624 — мусульмааннар төрүт итэҕэллээх бэйэлэрин аймахтарын курайшиттары Бадра аттынааҕы кыргыһыыга кыайбыттар. Бу мусульманнар бастакы бөдөҥ кыайыылара этэ. Уус төрүттээччитэ Курайш — ислаамы төрүттээбит Мухаммед өбүгэтэ.
  • 1400 — Тимур Дамаскай куораты ылбыт уонна халаабыт.
  • 1805 — Италия өрөспүүбүлүкэтэ Италия хоруоллуга буолбут, Наполеон дойду хоруолунан ааттаммыт.
  • 1922 — Капитан Николай Хапилин баһылыктаах үрүҥ этэрээт Булуҥу ылбыт.
  • 1924 — Көмүс бириискэлэри салайан үлэлэтэр «Якутзолототрест» төрүттэммит.
  • 1950 – Берклигэ Калифорния университетын учуонайдара 98-с элэмиэни синтезтээбиттэр, «калифорний» диэн ааты иҥэрбиттэр.
  • 1959 — бу түүн Далай-лаама XIV Тибиэттэн Ииндийэ Дхарамсала куоратыгар күрээбит. Онно Тибиэт үүрүллүбүт бырабыыталыстыбата олохтоммут, билигин да баар.
  • 1963 — Балига Агунг вулкан эстэн 1100-тэн тахса киһи өлбүт.
  • 1969 — Голда Меир Израильга бастакы дьахтар премьер-миниистир буолбут.
  • 1971 сыллаахха Дьокуускайга киинэ артыыстара ыалдьыттыы кэлбиттэр: Б. Андреев, М. Ладынина, Л. Смирнова, Нонна Мордюкова, Л. Хитяева, З. Кириенко, Л. Шаглова уонна Армения народнай артыыһа Гурген Тонунц. Режиссер А. Смирнов уонна сценарист В. Трунин «Белорусский вокзал» диэн ааттаах саҥа уус-уран киинэлэрин аҕалбыттар. Артыыстар Алдаҥҥа уонна Миирнэйгэ эмиэ сылдьыбыттар.
  • 1991 — Бүтүн Сойуустааҕы референдум буолбут. Куоластаабыт дьон үс гыммыт биирэ ССРС оннунан хааларыгар этиммитэ. Ону кытта РСФСР олохтоохторун 70 % «РСФСР бэрэсидьиэнэ» диэн дуоһунас баар буоларыгар куоластаабыттара.
  • 1992 — ЮАР-га буолбут референдумҥа (үрүҥ тириилээхтэр эрэ кыттыбыттар) саҥа конституция бигэргэтиллибит. Бу конституция хара уонна үрүҥ тириилээх дьон бырааптарын тэҥнээбитэ.
  • 2007 — Бу иннинэ СӨ вице-бэрэсидьиэнинэн үлэлээбит Александр Акимов Москубаҕа Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэрэстэбиитэлинэн анаммыт.

Төрөөбүттэр

Өлбүттэр

  • 1938 — Тэки Одулок (22.05.1906 төр.) — дьүкээгир бастакы суруйааччыта, учуонайа.
Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА