21 Сэтинньи 21.11
  • -31°
  • $ 100,22
  • 105,81

Куллатыга саҥа туристическай маршрут арыйар былааннаахтар

14:01, 11 июля
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Куллаты сиригэр саҥа туристическай маршрут арыйар былааннаахтар. 2035 сылга диэри Саха сиригэр туризмы сайыннарар бырагыраама чэрчитинэн миэстэтигэр делегация бара сырытта. Ол туһунан LETO Yakutia куорат эйгэтин боппуруостарынан компетенция киинэ иһитиннэрдэ.

«Куллатыга туризм сайдыытыгар улахан кыаҕы көрөбүт. Араас хайысхалаах туризм сайдыытыгар территориялары бэлэмнээһиҥҥэ элбэх биэдэмистибэ, нэһилиэнньэ, салалта бииргэ үлэлииллэригэр холобур буолар. Манна кэрэ айылҕа, баай история, ураты култуура үгэстэр түмүллэллэр. Биһиги сорукпут — туристары интэриэһиргэтии уонна олохтоох экономика сайдыытыгар усулуобуйа тэрийии», – диэтэ Саха сирин кылаабынай архитектора Любовь Папок.

Култуура нэһилиэстибэтин эбийиэктэрин харыстааһын департаменын салайааччы Николай Макаров эппитинэн, Куллаты Саха сиригэр биллэр туристическай миэстэ буолар.

2021 сыллааха Куллаты – Старая Табага хайысханан суолу тупсаран оҥоһуллубута, айылҕаҕа харыстабыллаахтык сыһыан уонна экология туризмын сайыннарар сыаллаах. Оччолорго информационнай-навигационнай систиэмэ саҥардыллыбата уонна Куллаты миэстэтэ күрүөлэммитэ. Билигин араас хайысханы биирдэ тутар туризм сайдыытын бырайыага оҥоһуллар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА