Өктөм нэһилиэгин депутаттарын быыбарыгар 12 мандаттан аҕыһын “Биир ньыгыл Россия” партия ылла.
Өрөбүл күн, кулун тутар 27 күнүгэр, Хаҥалас улууһун “Өктөм нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллии бэрэстэбиитэллээх уорганыгар депутаттары талыы кэмин иннинээҕи быыбара буолла. “Барыллаан түмүгү таһаарыы көрдөрбүтүнэн, “Биир ньыгыл Россия” партияттан Надежда Кардашевская, Лариса Атласова, Вера Борисова, Екатерина Алексеева, Руслан Атласов, Марианна Васильева уонна Анисия Андреева, Петр Иванов бэйэлэрин быыбардыыр уокуруктарыгар саамай элбэх куолаһы хомуйдулар”, — диэн партия пресс-сулууспата иһитиннэрэр.