Кэлэр нэдиэлэттэн сорох эрэгийиэннэргэ дьиэлэригэр сытан эмтэнэр коронавируһунан ыалдьыбыт ыарыһахтарга босхо эми биэрэн саҕалыахтара. Бу туһунан «Российская газета» Арассыыйа доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин эминэн хааччыйыы департаменын дириэктэрэ Елена Максимкинаҕа сигэнэн суруйар.
«Кэлэр нэдиэлэттэн дьиэҕэ сытан эмтэнэр ыарыһахтарга үгүс эмтэрин босхо биэриэхтэрэ. Маныаха эрэгийиэннэргэ туһааннаах эмтэри кэмигэр тиэрдээри суукканы эргиччи үлэлиибит», — диэтэ Елена Максимкина.
«Биир киһиэхэ ортотунан 7,8 тыһ солкуобайтан ордук сыаналаах эмп наада», — диэтэ Максимкина.
Эрдэ доруобуйа харыстабылын департамена регионнар салалталарын, медиктэрин кытары төһө эмп наадатын үөрэппиттэрэ.