23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

«Кэл, олор, чэйдиэх!» хаартысканан куонкурус кыайыылааҕа билиннэ!

16:40, 28 апреля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

“Сахамедиа” АУо, СИА-сонуннар сахалыы саайт “Сахам сирэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи акция чэрчитинэн “Кэл, олор, чэйдиэх!” хаартыска көрүүтүн куонкуруһун биллэрбитэ. Сырдык санааттан саҕыллар аһылык сиэрин-туомун кэпсиир, билиһиннэрэр сыаллаах куонкурус түмүгэ таҕыста.


Барыта 11 ааптар кыттыбытыттан, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төхтүрүттэн бэтэрээн-учууталлар, коллегалар, дьүөгэлиилэр Капиталина Макарова уонна Нина Колосова 2042 , Үөһээ Бүлүүттэн Семеновтар дьиэ кэргэттэрэ 1880 , Ньурбаттан эһээ оҕото Амелия 837 куолаһы хомуйан инники буоллулар.

«Бу ааспыт уон хонук биһиэхэ олус сэргэхсийиини аҕалла. Доҕотторбут, аймах-билэ дьоммут, биир дойдулаахтарбыт биһиэхэ олус кыһалыннылар. Өрөспүүбүлүкэ киһитэ барыта билэр буолла дииллэр күлэ-оонньуу. Маннык тэрийбиккит олус хайҕаллаах. Дьон көҕүн өрө туттугут», — диэн санааларын үллэһиннилэр муҥутуур кыайыылаах бэтэрээн-учууталлар. Хаартыска ааптара Любовь Стручкова.

Оттон Семеновтар эмиэ бу күрэххэ кыттыбыттарыттан үөрэллэрин биллэрэллэр. «СИА ыыппыт хаартысканан күрэҕэр кыттарбытыгар хас эмэ күннээх түүн биһигинниин бииргэ буолан, биһиги өйөөн, куоластаан көмөлөспүккүтүгэр барҕа махталбытын тиэрдэбит. Сибээс мөлтөҕүн аахсыбакка, бэтэрээннэри кытары илин-кэлин түсүһэн баарбытын, түмсүүлээхпитин биллэрбиппит наһаа үчүгэй. Өрүү маннык көхтөөх буолуохха», — диэн Кристиналаах, Леонид эҕэрдэлэрин бар дьонугар ыыттылар. Хаартыска ааптара — бэйэлэрэ.

Оттон Амелия эһэтэ, хаартыска ааптара Владимир Егорович Дорофеев санаатын маннык үллэстэр: «Кыттар санаабыт суох этэ да, көххө диэн кыттыбыппыт. Биир нэдиэлэ утуйар уубутун умуннубут. Куонкурус тэриллибитэ олус үчүгэй. Итиэннэ сахалыы саайт баарын биллибит. Билбэт этим, «Сахамедиалар» маладьыастар!»

Сахалыы тыллаах саайтка бастакы куонкурус буолан тэрийээччилэргэ олус долгутуулаах буолла. Онон сиэри-туому тутуһан бастакыны бастакы курдук бэлиэтиир сыалтан, бириистэри Туймаада ыһыаҕар «Сахамедиа» бастыҥ түһүлгэтигэр туттарыахха диэн быһаарыы ыллыбыт. Онон, кыайыылаахтары биһиги түһүлгэбит ыалдьыттара буоларгытыгар ыҥырабыт. Буоларын саҕана Ыҥырыы суруктары туттарыахпыт.

Муҥутуур кыайыылаахха — сандалы маанылаах аһын өссө амтаннаан биэрэр, күндүтүк көрдөрөр саха иһитэ! 

Инникитин даҕаны «Мин Сахам сирэ» бырайыак чэрчитинэн ыытыллар куонкурустарга өссө элбэх кыттааччы баар буоларыгар эрэнэбит! Куруук көхтөөх, түмсүүлээх буолуохха!

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА