Билигин доруобуйаларынан хааччахтаах дьону-сэргэни, ыччаты, оҕолору кытта адаптивнай физкультура нөҥүө дьарыктаныы лаппа сайдан эрэр. Кэбээйи нэһилиэгэр спортзал аһыллыаҕыттан аҕа, орто саастаахтарга уонна оҕолорго аналлаах адаптивнай физкультураннан дьарыктаныыны анал бырагырааманан барар. Учуутал-тренер Надежда Терехова салайан ыытар.
Надежда Константиновна кэпсииринэн, адаптивнай физкультураҕа билиҥҥи туругунан аҕам саастаахтарга ыытыллар “Чэбдик” түмсүү баар. Манна 20-чэ аҕам саастаахтар кэлэннэр нэдиэлэҕэ үстэ дьарыктаналлар. Кинилэр саастарыгар эт-хаан чэбдигириитигэр, сүһүөхтэри хамсатыыга сөптөөх сэрээккэлэри, туочуканан массаастары, күүс упражненияларын оҥороллор. Хайысханы барытын туһанан комплекснай былаан быһыытынан дьарыктаналлар.
“Бу упражнениялар сааһыттан тутулуга суох кимиэхэ баҕарар барсаллар. Аҕам саастаахтары таһынан доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолору эмиэ дьарыктыыбын. Нэдиэлэтээҕи былаан барыта аттарыллан, кэмигэр кэлэн дьарыктанан бараллар. Ким ханнык көрүҥҥэ барсарынан көрөммүн дуобакка, саахымакка, сахалыы остуол оонньууларыгар, тенниска дьарыктыыбын. Холобура сахалыы остуол оонньууларыгар С.А.Максимов уонна Г.Д.Птицына Манчаары оонньууларыгар баран кыттан кэлбиттэрэ. Ити биһиги бастакы ситиһиибит буолар. Өссө күүскэ дьарыктанан салгыы күрэхтэргэ, спартакиадаларга кыттан иһиэхтэрэ” , — диэн тренер кэпсиир.
“Чэбдиккэ” дьарыктанар аҕам саастаахтар дьарыктаныы түмүгэр тупсуу баарын бэлиэтииллэр. Ол курдук Т.С.Иванова лаппа чэпчээбитин, сүһүөхтэрин ыарыыта ааспыт. Онтон бу түмсүүгэ сылдьар В.И.Сметанина уонна Е.А.Попова тенниска дьарыктаналлар. “Мин оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан тенниска оонньуур этим. Оччолорго А.Н.Сметанин уонна А.С.Левин оҕолору сүүмэрдээн ылан дьарыктыыллара. Мин манна сылдьаммын доруобуйам лаппа тубуста диэн бэлиэтиибин. Онон тренербитигар уонна спортзал салалтатыгар махтанабын” , — диэн санаатын үллэстэр теннискэ дьарыктанар Евдокия Афанасьевна.
Мантан саас хайыһар суола үктэннэҕинэ хайыһардыыр уонна скандинавскай хаамыынан дьарыктаныахтаахтарын туһунан Надежда Константиновна бэлиэтээтэ.
Адаптивнай физкультуранан дьарыктанааччылар салгыы Бэрдьигэстээххэ ыытыллыахтаах Манчаары оонньууларыгар уонна Аммаҕа буолуохтаах Саха сирин норуоттарын оонньууларыгар бэлэмнэнэллэр. “Улуус үрдүнэн адаптивнай физкультураҕа тренер мин эрэ баарбын. Онон ыытыллар тэрээһиннэргэ биһиги бөһүөлэкпит эппиэтинэстээх курдук буолан таҕыста. Онон баҕалаахтары ыҥырабыт. Биһигини кытта сибээскэ тахсаҥҥыт ыытыллар күрэхтэргэ кыттар курдук бэлэмнэнэн барыа этибит”, — диир тренер.
Аммаҕа ыытыллыахтаах спартакиадаҕа доруобуйаларынан хааччахтаахтарга волейболы, сүүрүү үс көрүҥүн уонна хабылыгы, хаамысканы киллэрдилэр. Биһиги улууспутугар ити көрүҥнэргэ хамаанда туруохтаах.