Күндү оҕолоро, убайдара, бырааттара, элбэх оҕолоох бастыҥ эдэр ыал аҕата, дурда-хахха буолар киһилэрэ Иван Иванович Тистяхов II этэҥҥэ буоларыгар, уһун, сырдык олоҕу олороругар бар дьонтон көмөлөһөллөрүгэр, өйүүллэригэр дьоно сурук ыыппыттар. Суругу хайдах баарынан бэчээттиибит.
Күн курдук саныыр тапталлаах оҕобут, убайбыт, бырааппыт, үс оҕо амарах аҕата, тапталлаах кэргэн, Таатта улууһун Уус Амма нэһилиэгин (Чымнаайы) олохтооҕо Тистяхов Иван Иванович II ыарахан ыарыыга ылларан, Москва куоракка быар эппэрээссийэтигэр барар буолла. Киниэхэ бииргэ төрөөбүт убайа Тистяхов Ньургустан Иванович донордыыр.
Иван Иванович II нэһилиэгин, улууһун чиэһин спортивнай, култуурунай тэрээһиннэргэ, күрэхтэһиилэргэ, куонкурустарга куруук көмүскүүр, өрүү инники күөҥҥэ сылдьар, ыччакка холобур буолар үтүө киһи. Ханнык да ыарахантан толлон турбат, сүрэхтээх үлэһит, кырдьаҕаска-кыаммакка өрүү көмөлөһөр аһыныгас, амарах санаалаах. Кини үлэтин, туох баар сыратын СӨ үрдүкү салалталарыттан, Таатта улууһун, Уус Амма нэһилиэгин дьаһалталарыттан, тэрилтэлэриттэн ылбыт элбэх махтал суруктара, грамоталара, дипломнара туоһулууллар.
Күн киһитэ көмүскэс, Айыы киһитэ аһыныгас.
Реквизиттэрэ:
Сбербанк онлайн: 2202200104621865
Счет получателя: 40817810076000586785
Билсэр тел.Тистяхов И.И. – 8962-73-59-075.
Ийэтин Октябрина Хрисанфовна тел.: 8962-73-58-691,
Сбербанк онлайн: 4276760994750212
Счет получателя: 40817810576000578853
Кэргэнин Ольга Михайловна тел: 8962-73-58-207,
Алмазэргиэнбанк: 40817810807911400009