22 Сэтинньи 22.11
  • -24°
  • $ 100,68
  • 106,08

Үйэ событиета: Аллараа Бэстээххэ Благовещенскай таҥара дьиэтэ аһылынна

15:44, 05 сентября 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сирин епархиятын Благовещенскай таҥара дьиэтэ Аллараа Бэстээххэ аһылынна. Бэлиэ түгэн норуот сомоҕолоһон, санааларын дьүөрэлээн олорууга баҕаларын туоһулуурун туһунан бастакы вице-премьер э.т – Саха сирин баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салайааччы Юрий Куприянов эттэ.


«Таҥара дьиэтэ биһиги инникибитин бииргэ тутар, биир сомоҕо санаанан, бэйэ-бэйэни өйдөһөн олорууга баҕабыт бэлиэтэ. Элбэх киһи манна кэлэн күүс-уох ылынар, таптал, дьол түмүллэр дьиэтэ буолар. Өлүөнэ өрүһү туоруур муоста тутулуннаҕына, Аллараа Бэстээх өрөспүүбүлүкэ сайдыытын биир киининэн буолуоҕа. Дойдубут чэчирии сайдарын туһугар дьон-сэргэ мантан кэлэн күүһү-уоҕу сомсон ыллынар!», —диир Юрий Куприянов.

Кини бырабыыталыстыба Махтал суруктарынан элбэх омуктаах Саха сирин духуобунай сайдыытыгар, таҥара дьиэтин тутууга дьоһун кылааттарын киллэрбит дьону бэлиэтээтэ. Ол курдук, маннык наҕарааданы протоиерий Сергей Колесников, ону таһынан Благовещенскай приход старостата Виктор Ткаченко туттулар.

Ленскэйдээҕи уонна Саха сиринээҕи архиепископ Роман таҥара дьиэтэ бөһүөлэк олоҕор суолтатын ойуччу тутан эттэ. «Аллараа Бэстээх — бу Саха сирин уунан, массыынанан сырыытын аартыга. Өлүөнэ өрүһү туоруур муоста тутулуннаҕына, бөһүөлэк өссө ордук сайдыаҕа. Ол аата дуохуобунай өттүнэн үүнүү дьоҥҥо-сэргэҕэ ураты улахан суолталанар», — диир кини.

Архиепископ быһаарбытынан бигэ итэҕэлээх дьон бааллара 2000 сылтан ыла биллэр. Таҥара дьиэтэ тутуллуон иннинэ, кинилэр тыа кулуубугар таҥара сулууспаларын ыыталлара. «Саҥа тутуу акылаата 2012 сыллаахха түспүтэ. Маннык быһыы-майгы Мэҥэ Хаҥалас улууһугар бүтэһигин 100 сыл аннараа өттүгэр Майаҕа Улуу Баһылай таҥара дьиэтэ аһыллыбытыгар буолбута», — диэтэ кини.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА