22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Ирина Высоких: Саха сирэ биир бастакынан бизнеһи өйүүр миэрэлэри ылынна

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Коронавирус пандемиятын кэмигэр гостиницанан, ресторанынан, кафенан уонна туризмынан дьарыктанар предпринимателлэр кыһалҕаланнылар. Саха сирэ биир бастакынан дьоҕус уонна орто бизнеһи өйүүр миэрэлэри ылбыт субъегынан буолар, диэн предпринимательство миниистирэ Ирина Высоких эттэ.


«Предпринимателлэрбитигэр көмөлөһөр суһал миэрэлэри биир бастакынан ылбыт регион буолабыт. Бизнес-түмсүүнү кытта тэҥҥэ хас биирдии эйгэҕэ мониторинг ыытыбыт. Ханнык миэрэлэр наадаларын үөрэтэбит. Сотору кэминэн ылыллыбыт дьаһаллар олоххо киириэхтэрэ», — диэтэ Ирина Высоких.

Бастатан туран, 2020 сылга нолуок ыстаапкатын түһэрии эбэтэр босхолооһун миэрэтэ киирдэ. Гостиница, ресторан, кафе тэрилтэлэрэ баайга-дуолга нолуогу төлүүртэн босхолоннулар, муниципалитеттар “корректирующай коэффициент К-2” кээмэйин кыччаталларыгар уонна сиргэ нолуокка чэпчэтиини киллэрэллэригэр сүбэ бэрилиннэ.

Предпринимательство иһинэн үлэлиир дьоҕус уонна орто предпринимательство Фондата 200 мөл солк диэри “докапитализация” ылбыттар иэстэрин уонна бырыһыаннарын төлүүллэригэр мораторий биллэрдэ. Итиэннэ чэпчэтиилээх кирэдьиити 3% дылы түһэрдэ.

Өссө да атын миэрэлэр ылыллыахтара. Ыйытыылаах буоллаххытына 8-800-100-58-80 нүөмэргэ эрийэн хоруйдары ылыаххытын сөп.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА