Үөһээ Бүлүү Өргүөт нэһилиэгин үөрэнээччилэрэ интернекка холбоммокко эрэ дьиэттэн үөрэнэллэр. Интернеттан тутулуга суох босхо сибээс ситиминэн оҕолору улуустааҕы үөрэх салаата, инновация министиэристибэтэ уонна ТЦТР хампаанньа кыттыгас хааччыйдылар.
Өргүөккэ түргэн интернет тиийэ илик, ол иһин бу саас пандемия саҕаланыаҕыттан улуус үөрэххэ салаата оҕолору дьиэлэриттэн хайдах үөрэтэр ньымалары толкуйдаабыт. Салайааччы Спиридон Борбуев кыһалҕатын инновация миниистиригэр Анатолий Семеновка этиммит. Ол түмүгэр ТЦТР тэрилтэни кытары нэһилиэк иһигэр бэйэтигэр дьоҕус сибээс ситимин тэрийэри толкуйдаабыттар.
«Өргүөттэр түргэн интернеттара суох, WhatsApp түүнүн эрэ кэлэр, төлөбүр мегабайтынан төлөнөр. Биллэн турар, учууталлар да, оҕолор да пандемия саҕаламмытыгар ыарахаттары көрсүбүттэрэ. Инновация министиэристибэтин кытары кыттыгас үлэбит түмүгэр сайын нэһилиэккэ анал тэрил туруорбуппут, күһүн тургутан баран билигин наадалаах бырагырааманан хааччыйдыбыт. Билиҥҥитэ ситим биир килэмиэтир иэннээх сири хабар, онон үөрэнээччи 70 % -нын хаптыбыт. Атыттар ситим күүһүрдэҕинэ холбонуохтара», — диир Спиридон Борбуев.
Ситим вайфай нөҥүө холбонор, үөрэнээччилэри анал модемнарынан хааччыйбыттар. Саҥа сибээс ситимэ 4К хаачыстыбалаах видеоуруоктары харгыһа суох, чуолкайдык көрдөрөр кыахтаах, ону таһынан, оҕолор учууталы кытары дьиэҕэ үлэлэрин, атын сорудахтары виртуальнай файлообменник нөҥүө бэрсэр кыахтаннылар.
Үөһээ Бүлүүтээҕи үөрэх управлениетын салаата эһиил маннык ситими Туобуйа нэһилиэгэр туруорар былааннаах.