Атырдьах ыйын 7 күнүгэр Д.К.Сивцев-Суорун Омолоон аатынан Опера уонна балет судаарыстыбаннай тыйаатырыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы бэрэсидьиэнин кытта быраһаайдаһыыга Михаил Ефимович Николаев туһунан санаатын “Үтүө дьыала” өрөспүүбүлүкэтээҕи хамсааһын салайааччыларыттан биирдэстэрэ Иннокентий Бочкарев үллэһиннэ.
“Саха норуотугар олус хараастабыллаах күн. Биһиги Михаил Ефимович өссө уһун сылларга үлэлээн, өрөспүүбүлүкэбит интэриэһин көмүскүө дии санаабыппыт. Кини бу олохтон эмискэ барбытын туһунан истэн олус курутуйдум”, — диэтэ Иннокентий Бочкарев.
Кини Михаил Ефимович Николаев саха норуотун сайдыытыгар, олоҕун таһыма үрдүүрүгэр, үөрэҕи сайыннарыыга сүҥкэн кылаатын киллэрбитин бэлиэтээтэ.
“Бүгүн биһиги кини Саха сирин чэчирии сайдыытыгар дьоһун үлэни ыыппытын ахтан-санаан ааһабыт. Кини миниистир эрдэҕинэ, мин сопхуос дириэктэринэн үлэлээбитим. Кинини киэҥ билиилээх, күүстээх, ирдэбиллээх салайааччы быһыытынан өйдүүбүн. Михаил Ефимович үлэһиттэр олохторун тупсаҕай оҥорууга, үлэ култууратын сайыннарыыга уонна үлэ миэстэтин усулуобуйатын тупсарыыга, хамнаһы үрдэтиигэ сүҥкэн үлэни ыыппыта. Кини көмөтүнэн, киниттэн үөрэнэн, салайааччы буолбуппут.
1999 с. кини этии киллэриитинэн мин “Үтүө дьыала” бүтүн өрөспүүбүлүкэтээҕи хамсааһын салайааччыларыттан биирдэстэринэн буолбутум. Кини миигин ыҥыран ылан, Саха сиригэр социальнай эбийиэктэри киэҥ хабааннаах тутуу саҕаламмытын бэлиэтээн туран, миэхэ үгүс соругу туруорбута. Бырабыыталыстыба маныаха үгүөрү үбү көрбүтэ – 200 мөлүйүөн солкуобайы. Михаил Ефимович биһиги үлэбитин кыраҕытык кэтиирэ”, — диэн ахтан-санаан ааста Иннокентий Бочкарев.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата