Саха сирэ 2024 сылга үөрэх хаачыстыбатынан Арассыыйа 15 бастыҥ регионугар киирэрэ былааннанар. Билигин итиннэ бары усулуобуйа баар — саҥа уһуйааннар уонна оскуолалар тутуллаллар, үөрэх кииннэрэ арыллаллар, оҕолору бары өттүнэн сайыннарарга араас бырайыактар олоххо киирэллэр. Өрөспүүбүлүкэҕэ кэнники биэс сылга ханнык үөрэх эбийиэктэрэ үлэҕэ киирбиттэрин, СИА инфографикатыгар көрүҥ.