22 Сэтинньи 22.11
  • -24°
  • $ 100,68
  • 106,08

Ил Түмэн иһинэн Конституционнай сэбиэт тэриллиэ

15:03, 26 мая 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ил Түмэн Судаарыстыбаннай мунньаҕын иһинэн Конституционнай сэбиэт тэриллиэ. Бу туһугар норуот дьокутааттара уочаратаах мунньахха куоластаатылар.


Сокуон барылын Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба дьаһалтатын салайааччы Афанасий Владимиров билиһиннэрдэ.

Конституционнай Сэбиэт Ил Дархан, норуот дьокутааттарын, бырабыыталыстыба, прокурор, муниципальнай былаас бэрэстэбиитэллээх уорганнарын, баһылыктар көрдөһүүлэринэн Саха сирин Төрүт сокуонун туһунан быһаарыылары биэрэр буолуо. Итини таһынан өрөспүүбүлүкэҕэ ылыллар сокуоннар Төрүт сокуоҥҥа сөп түбэһэллэрин көрүө.

Сэбиэт тоҕус сүбэһиттэн, ол иһигэр бэрэссэдээтэлтэн, икки солбуйааччыттан, сүбэһит секретарьтан туруо.

Конституционнай сүбэһиттэри Ил Дархан түһэриитинэн Ил Түмэн аныа.

Сокуон барыла бүтэһиктээх ааҕыыга ылылынна.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар