Ил Түмэҥҥэ “Оҕо туризмын, сынньалаҥын, доруобуйатын бөҕөргөтүү аныгы туруга уонна сайдыыта” диэн ааттаах “төгүрүк остуол” буолан ааста.
“Оҕо туризмыгар, сынньалаҥар, доруобуйатын бөҕөргөтүүгэ сыһыаннаах кэккэ миэрэлэри олоххо киллэрэр ирдэнэр. Олортон сороҕун бэлиэтээн ааһабын. Бу – туристическай инфраструктура хаачыстыбатын тупсарыы, тырааныспар тиийиитин сайыннарыы, сылы эргиччи оҕо туризмын, сынньалаҥын, доруобуйатын бөҕөргөтүнүү усулуобуйатын, өҥөнү оҥоруу таһымын үрдэтии, үлэһиттэр квалификацияларын көрүү, туристистическай өҥөлөрү өйүүргэ цифровой инфраструктура саҥа таһымҥа тахсыахтаах уонна үбүлээһини элбэтэр ирдэнэр” – диэн “төгүрүк остуолу” салайан ыыппыт Ил Түмэн билимҥэ уонна үөрэххэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Антонина Григорьева бэлиэтээтэ.
Быйыл өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барыта 555 оҕону сынньатар, доруобуйатын бөҕөргөтөр тэрилтэ аһыллыахтаах эбит. Манна барыта 54 361 оҕону хабар былааннаахтар. Оттон сынньалаҥ бары көрүҥүнэн сайын устата 106 860 оҕо хабыллыаҕа диэн иһитиннэрдилэр.
“Оҕолор сылдьар сылы эргиччи үлэлиир баазалар туруктара мөлтөөбүтүнэн сибээстээн аҕыйаан иһэллэр. Ордук оҕо сынньалыҥ инфраструктуратын тупсарыыга көрүллэр үп хааччахтаныытыттан дьаарханабыт. Куорат таһынааҕы сынньалаҥ баазалар кэтээн көрөр уорганнар ирдэбиллэригэр сөп түбэспэтэхтэринэн тоҕус бааза үлэтэ тохтоото. Элбэх оҕону хабар инниттэн стационарнай лааҕырдары палаточнайга уонна күнүскүгэ уларыталлар” – диэн Үөрэх уонна билим миниистирин солбуйааччы Иннокентий Афанасьев этэр.
Ил Дархан Айсен Николаев Саха сиригэр сүүрбэттэн итэҕэһэ суох оҕо экскурсионнай уонна туристическай сэртипикээттээх маршруттарын оҥоруҥ диэн сорудахтаабыта. Маны сүрүннээччинэн “Юные якутяне” киин анаммыт. Өрөспүүбүлүкэҕэ билиҥҥитэ туристическай-кыраайы үөрэтэр хайысхалаах бырагыраамалаах 4 эбии үөрэхтээһин тэрилтэтэ баар эбит: “Юные якутяне” оҕо туризмын сүрүннээччи, Аммаҕа уонна Дьааҥыга эдэр туристар станциялара, Дьокуускай куораттааҕы туризм салаата. Итини таһынан, үөрэх тэилтэлэрин иһинэн туристическай холбоһуктар бааллар.
Дойду бэрэсидьиэнин сорудаҕынан 13 биллэрэр-көрдөрөр маршрут испииһэгэ тэриллибит. Өссө биэс дьиэ кэргэни барытын хабар өрөбүл күннээҕи маршрут үлэтэ ыытылла сылдьар эбит.
Ил Дархан сорудаҕынан сүүрбэттэн итэҕэһэ суох оскуола көрдөрөр-иһитиннэрэр уонна бойобуой албан ааттаах миэстэлэринэн маршруттары оҥороллор.
“Төгүрүк остуол” кыттыылаахтара оҕо туризмын, сынньалаҥын, доруобуйатын бөҕөргөтүүнү тэрийиигэ нуорма-быраап, үп-харчы өйөбүлэ ирдэнэрин, уопсастыбаннай уонна биисинэс бырайыактары сыһыарар ирдэнэрин ыйаллар. Итиэннэ сайынын үлэлиэн, хамнас аахсыан баҕалаах оҕо элбэҕинэн, урукку курдук үлэ, сынньалаҥ лааҕырдарын хото тэрийиэҕиҥ диэн этии киллэрдилэр, Саха сирэ саайт.