Соторутааҕыта Жатайга «Точка будущего» үөрэх комплексын тутуу саҕаланна, «Саҥа дьиэ» чааһынай аһымал пуонда үбүгэр тутуллар. Ил Дархан Айсен Николаев «Прямой разговор» телебиэриигэ бырайыак суолтатын кэпсээтэ, суруйар СИА.
«Бу бырайыак биһиэхэ оҥоһуллан эрэриттэн дьоллоохпун. 2019 сыл балаҕан ыйыгар Иркутскайга тиийбиппэр онно бастакы итинник комплекс арыллыыта буолбута. Чааһынай үпкэ улахан комплекс тутулларыттан мин, биллэн турар, олус сөхпүтүм. Манна оҕолор босхо үөрэнэллэр, үөрэнээччи уопсай ахсааныттан 15%-тан итэҕэһэ суох — иитэр ыаллар оҕолоро уонна доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолор буолаллар. Туох баар усулуобуйа барыта тэриллибит, оннооҕор оҕону иитэр ыаллар олорор дьиэлэрэ тутуллубут. Онно «Саҥа дьиэ» попечительскай сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Сергей Чемезовы уонна пуонда тэрийээччитэ Альберт Авдаляны кытта бу маннык бырайыак Дьокуускайга тутулларыгар сөбүлэҥ түһэрсибиппит.
Саарбахтааһын баар этэ, бырайыак улахан харчыны, уонунан миллиард солкубайы ирдиир», — диэтэ Николаев.
Коронавирус, тас санкциялар уонна анал байыаннай дьаһал кэмнэригэр комплекс бырайыага оҥоһулунна, бырайыактыыр-смета докумуона эмиэ, госэкспертизаны ааста, ол кэннэ көҥүл ылан баран, «Точка будущего» Саха сиригэр тутуута саҕаланна.