Ил Дархан Тиксины 2025 сылга диэри сайыннарыы былаанын биһирээтэ. Бэҕэһээ Айсен Николаев видео-сибээс нөҥүө Ил Дархан иһинэн үлэлиир Арктика Сэбиэтин уонна муора дьыалаларыгар Президиумун кытары Тиксини сайыннаарыы биир кэлим былаанын ырытта. Бу туһунан СИАҕа Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Былаан Ил Дархан сорудаҕынан былырыын ахсынньы ыйга улууска сырыытын түмүгүнэн суруллубут.
«Тикси уонна Булуҥ улууһун сайыннарыы былаана инникитин Арктика атын сирдэрин сайыннарарга холобур буолуоҕа. Дойду бэрэсидьиэнэ Арктика зоналарын сайыннарыыга сүрүн былааны бигэргэттэ, арктика сиригэр үлэлиир инвестордары өйүүр сокуону ылынна. Биһиги эмиэ итинник хардыылары оҥоруохтаахпыт. Дьон олоҕун тупсарыы — биһиги сүрүн сорукпут буолуохтаах», — диэтэ Ил Дархан.
Арктиканы сайыннарыы миниистирэ Владимир Черноградскай былаан сэттэ сүрүн хайысхалааҕын, ол иһигэр социальнай инфраструктураны, Тикси муора пуордун сайыннарыы, эниэргийэни табыгастаахтык туттуу, научнай бэрэбиэркэлиир полигону тутуу, туристическай кластеры, быыһыыр хайысханы уонна Тиксини тимиртэн босхолооһун курдук үлэлэр баалларын эттэ.
Айсен Николаев Тиксины сайыннарыы былаанын дьаһаллара өрөспүүбүлүкэ бары государственнай бырагыраамаларыгар киириэхтээхтэрин туһунан эттэ. Эһиил маныаха майгынныыр былааннары нэһилиэктэринэн оҥоруохпут диэтэ кини.