Бэҕэһээ, сэтинньи 27 күнүгэр ТАСС-ка Russian Creative Awards-2023 бириэмийэни туттарыыга аналлаах пресс-кэмпириэнсийэ буолла.
Пресс-кэмпириэнсийэҕэ бириэмийэ дьүүллүүр сүбэтин чилиэннэрэ кытыннылар. Саха сирэ былырыыҥҥы сыл кыайыылааҕын быһыытынан кэмпириэнсийэҕэ ыҥырыллан, Ил Дархан Айсен Николаев онлайн-сибээскэ таҕыста, суруйда «Саха сирэ» сайт.
Пресс-кэмпириэнсийэҕэ иһитиннэрбиттэринэн, бириэмийэҕэ финалистары талар олус уустук буолла, ол иһин кыайыылаахтарга хандьыдааттар испииһэктэрэ (шорт-лиис) билиҥҥитэ тахса илик. Бырайыактар олус уустуктарынан сибээстээн, куоластааһыны өссө биир күн уһатарга дьүүллүүр сүбэттэн көрдөспүттэр.
Бириэмийэ 10 номинациялаах. Саамай элбэх сайаапка (193) Москва куораттан киирбит.
Айсен Николаев онлайн-сибээскэ иһитиннэрбитинэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр креативнай индустрияҕа үлэлээччилэр ахсааннара биир сыл иһигэр 4,5 бырыһыанынан элбээтэ.
«Былырыыҥҥы кыайыыбыт биһигини инникигэ көҕүлүүр эрэ буолбатах, биһиги күүспүтүгэр эрэли үөскэттэ, сөптөөх суолунан баран иһэрбитин чопчулаата. Ааспыт сылга эмиэ элбэх ситиһиилээхпит. «Үлэ кыбартаала» креативнай кластер креативнай индустриялар тардыһар сирдэринэн буолла.
2023 сыл биһиэхэ Саха сирин, дойду креативнай индустриятыгар биир саамай инники иһээччи быһыытынан, судаарыстыба саамай үрдүк таһымыгар билиниитин сылынан буолла.
Быйыл ыам ыйын бүтүүтэ Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин креативнай индустриялар бэрэстэбиитэллэрин кытары көрсүбүтэ. Онно үс пуун Саха сиригэр анаммыта. Биһиэхэ Урал эҥэр соҕотох таһымнаах киинэ павильона тутуллуоҕа. Манна атын эрэгийиэннэртэн уонна омук сириттэн кэлэн киинэни устуохтарын эмиэ сөп буолуоҕа», — диэн быйылгы сыл ситиһиилэриттэн иһитиннэрдэ уонна инники 5 сылга ананар ыйаахтарыттан биирдэстэрэ креативнай индустрия экэнэмиэкитигэр ананарын туһунан эттэ.
Айсен Николаев пресс-кэмпириэнсийэ кыттыылаахтарыгар бириэмийэни туттарыыга өссө элбэх номинациялар баар буолалларыгар баҕа санаатын эттэ. Кыайыылаахтарга бириэмийэни ахсынньы 1 күнүгэр туттарыахтара.
Ааптар: Надежда Егорова