22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Ил Дархан элбэх оҕолоохторго көрүллэр саҥа миэрэлэри иһитиннэрдэ

Хаартыска: Саха сирэ саайт
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бэҕэһээ Өрөспүүбүлүкэ күнүнэн сибээстээн, Ил Дархан үгэскэ кубулуйбут быһа эпиири ыытта, Саха сирин олохтоохторун ыйытыыларыгар хоруйдаата. Маннык көрүҥнээх быһа эпиирдэртэн нэһилиэнньэ туох эрэ саҥа этиилэри кэтэһэрэ биллэр. Бу сырыыга элбэх оҕолоохторго сыһыаннаах кэккэ өйөбүллэри иһитиннэрдэ. Саас-сааһынан суруйдахха маннык, суруйда Саха сирэ саайт.

Бастакытынан. “Элбэх оҕолооох ыалга анаан дьиэ-уот хомунаалынай хаһаайыстыбатыгар чэпчэтиини киллэриэхпит. Бу балачча улахан суума буолуо (значительные). Өрөспүүбүлүкэҕэ барытыгар хомунаалынай биллэр чааһын субсидиялыырбыт таһынан, элбэх оҕолоохторго сыһыаннаах өссө биир быһаарыыны ылынныбыт. Суумата төһө буолара бары сүбэлииһин ааспытын кэннэ быһаарыаллыаҕа. Өссө биирдэ этэбин, бу хомунаалынай өҥөтүгэр балачча улахан суума буолуо”, — диэн Ил Дархан эттэ.

Иккиһинэн. “Өрөспүүбүлүкэ элбэх оҕолоох ыалын оҕолоро хаһыс кылааска үөрэнэллэриттэн тутулуга суох оскуолаларга итии аһылыгынан хааччыллыахтара. Билигин дойду үрдүнэн 1-4 кылаас үөрэнээччилэрэ босхо аһыыллар, мантан инньэ 11-с кылааска диэри үөрэнэр оҕо барыта босхо итии аһылыгынан хааччыллыаҕа” – диэн иһитиннэрдэ.

Үсүһүнэн. Ил Дархан элбэх оҕолоох ыалга куораттарга уонна сэлиэнньэлэргэ уопсастыбаннай тырааныспарка айан төлөбүрүн босхо оҥороллоругар сүбэлииллэри иһитиннэрдэ. “Муниципалитеттар эмиэ элбэх оҕолоох ыалы өйөөһүҥҥэ туох эрэ быһаарыы ылыналларыгар бу эмиэ суолталаах, наадалаах хардыы” – диэн ыйда.

Төрдүһүнэн. Ааспыт сылга Ил Дархан Анал этиитигэр Саха сирин эдэр олохтооҕун каартатын туһунан иһитиннэрэн турар. “Арассыыйатааҕы “Пушкинскай каарта” курдук, “Саха сирин эдэр олохтооҕун” каартатынан оҕолор, ол иһигэр элбэх оҕолоох ыал оҕолоро эмиэ, өрөспүүбүлүкэ иһигэр култуура тэрилтэлэригэр босхо сылдьыахтара” – диэн быһаарыы ылыныллыбытын эттэ.

Бэсиһинэн. “Оскуоланы бүтэрэр, кэллиэскэ киирэр элбэх оҕолоох ыал оҕотугар, судаарыстыбаттан 50 тыһ. солк. суумалаах сэртипикээт көрүллэр бырайыага олоххо киириэҕэ. Бу оҕолор ирдэнэр идэлэргэ үөрэнэллэригэр, инникитин үчүгэй үлэ булалларыгар көмөлөһүөҕэ” – диэн быһаарда. Бу сууманан төрөппүттэр оҕо төлөбүрдээх үөрэҕин чааһын төлүөхтэрэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА