25 Сэтинньи 25.11
  • -19°
  • $ 102,58
  • 107,43

"Ийэ хапытаалынан" ылыллыбыт ипотека кирэдьиитин ыстаапкатын уларытан биэрии судургутуйуон сөп

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Ийэ хапытаалын» дьиэ ылыытыгар кирэдьиити сабыыга туһаайбыт ыаллар арыый барыыстаах усулуобуйалаах ипотекаҕа көһүүлэрэ судургутуйуон сөп. Ол туһунан этиини Госдуума вице-спикера Ирина Яровая эттэ. Сокуон бырайыагын депутаттар сааскы сессия иккис ааҕыытыгар көрөр былааннаахтар. 

2006 сыллааҕы 256-ФЗ №-дээх федеральнайдааҕы сокуонунан оҕолоох дьиэ кэргэттэр «ийэ хапытаалынан» өйөбүл ылар кыахтаахтар. Үгүстэр көмөнү олорор дьиэлэрин тупсарыыга туһаайаллар диэн докумуоҥҥа суруллар.

Билигин ипотека ыстаапката, «хапытаал» бырагыраамата киирбит кэмиттэн, лаппа кыччаата. Ол иһин сорох дьон кыра бырыһыаннаах кирэдьиити ылан, уруккуларын сабаары бааннарга ыйыталаһаллар.

Ити эрээри практика көрдөрөрүнэн, ипотеканы «рефинансируйдуурга» кыһалҕалар үөскүүллэр. Бастатан туран, опека уонна попечительство уорганыттан «ийэ хапытаалыгар» ылыллыбыт дьиэни солуокка биэриигэ сөбүлэҥ наада. Иккиһинэн, кредитор уларыйыытыгар дьиэни ыал уопсай бас билиитигэр көһөрүллүөхтээх.

Билигин оҥоһуллубут сокуон бырайыага бу кыһалҕалары быһаарар.

Сиһилии https://ysia.ru/refinansirovat-ipoteku-s-matkapitalom-budet-proshhe/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА