22 Сэтинньи 22.11
  • -27°
  • $ 100,68
  • 106,08

Ийэ хапытаалын өссө үрдэтиэхтэрэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Чэппиэр күн Госдума пленарнай мунньаҕын иккис ааҕыытыгар ийэ хапытаалын инфляция дьиҥ туругунан үрдэтэр туһунан көннөрүүнү ылынна. Бу туһунан РИА Новости суруйар.

Госдума вице- спикерэ Анна Кузнецова толкуйдаабыт уларытыыларын «оҕолоох ыаллары судаарыстыба эбии өйөбүлүн дьаһалларын туһунан» сокуоҥҥа киллэриэхтэрэ.

«Бэрэсидьиэн ийэ хапытаалын кээмэйэ инфляция дьиҥнээх таһымын учуоттуохтаах диэн этиитин истээт даҕаны, сокуону уларытар көннөрүүлэри уталыппакка көҕүлээтибит», — диэн Кузнецова чопчулаата.

Эрдэ РФ бэрэсэдьиэнэ Владимир Путин Госдума саҥа ыҥырыллыбыт депутаттарын кытта көрсүһүүтүгэр 2022 сылтан ийэ хапытаалын  барыллааһын быһыытынан буолбакка, инфляция чахчытынан индексациялыырга этии киллэрбитэ.

Докумуон тохсунньу 1 күнүттэн 2022 сылга диэри олоххо киирэрэ сабаҕаланар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА