23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Ийэ дорҕооммутун харыстыаҕыҥ: [Ҥ]

11:01, 03 июля 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Билим» альманахха дорҕоон, тыл суолтатын эмиэ кэпсэтэр буолуохпут. Саха тылын чинчийээччилэр ырытыылаах ыстатыйалара ааҕааччы интэриэһин тардарыгар эрэллээхпит. Бүгүн түҥ былыргыттан бу күҥҥэ диэри үгүс үйэни уҥуордаан кэлбит, ол эрээри билигин кэлэн сүтэр-симэлийэр суолга үктэммит [ҥ] дорҕоон туһунан суруллар. [ҥ] — тыл кэннинээҕи мурун төлөрүйэр дорҕооно. Салгын сороҕо муннунан ааһар буолан, [ҥ] дорҕоон мөлтөхтүк төлөрүйэр, — диир тыл үөрэхтээҕэ Киргиэлэй уола Хабырыыл Торотуойап.


Хайа да түүр тылыгар [ҥ] дорҕоон тылы саҕалаабат, оттон тыл ортотугар уонна бүтүүтүгэр туттулларын чинчийээччилэр эрдэттэн бэлиэтии көрөллөрө. Бу дорҕоон тылы түмүктүүрэ түҥ былыргыттан баар көстүү: киэҥ — б.т.т. кеҥ, мэҥ — б.т.т. меҥ, тэҥ — б.т.т. теҥ, дириҥ — б.т.т. териҥ.

Э.К. Пекарскай тылдьытыгар иһэҥэ~иҥэһэ (Пек. 468), күһэҥэ~күҥэһэ (Пек. 1340), тиһэҥэ~тиҥэһэ (Пек. 2686) диэн тыллары барыйаан быһыытынан киллэртиир. Көрөрбүт курдук, [һ] бэлэс дорҕооно [ҥ] мурун дорҕоонун кытта орун атастаһар, маннык түбэлтэни метатеза диэн ааттыыллар.

Барыйааннаһар тыллар бүтэй дорҕооннорун миэстэтэ хайата төрүкү буоларын быһаарар инниттэн атын түүр тылларын кытта тэҥнээн көрүөҕүҥ:

а) иһэҥэ~иҥэһэ — б.т.т. үзэҥү, алт. үзэҥи, кырг. үзөнгү, тыба эзеҥги, туркм. үзеҥҥи, хак. iзеҥе, башк. өзэнге. Биһиги тылбытыгар көстөр иһэҥэ диэн барыйаан дорҕоонун састаабынан түүр тылларыгар сөп түбэһэрин быһыытынан төрүкү, оттон иҥэһэ диэн литэрэтиирэлии нуорма тыла кэлиҥҥи соҕус көстүү эбит диэн сабаҕалыахха сөп.

б) күһэҥэ~күҥэһэ — б.т.т. көзүҥү, тыба күзүнгү, алт. күзүҥи, хак. диал. күзэҥэ. Күһэҥэ диэн литэрэтиирэлии нуормаҕа киирэр тылбыт дорҕоонун састааба түүр тылларыгар атылыы. Манна олоҕуран, бу барыйаан төрүкү көстүү эбит диэн бигэргэтэр кыахтаахпыт.

Саха тылыгар [ҥ] дорҕоон тыл ортотугар [н], [д], [к], [нь] дорҕооннору кытта (маҥнай, көҥдөй, үҥкүү, тииҥньит), оттон тыл бүтүүтүгэр [к] эрэ дорҕоону кытта (үҥк, оҥк, сыыҥк) сэргэстэһэр. [ҥк] дорҕоонунан бүтэр тыл олоҕор сыһыарыы эбилиннэҕинэ, [к] дорҕоон симэлийэн сүтэр: сыыҥк+а>сыыҥа. Маны таһынан [ҥ] дорҕоон хоһулаһар кыахтаах, бу тылы уларытар уонна үөскэтэр сыһыарыылар тыл олоҕор сыстар түбэлтэлэригэр көстөр: сиэн+/и/ҥ+/и/н>сиэҥҥин, дьон+ҥут>дьоҥҥут, сайын+ҥы>сайыҥҥы.

Саха тылыгар [ҥ] дорҕоонноох маннык сыһыарыылар бааллар:

  1. Тылы үөскэтэр -ҥы сыһыарыы. Аат тылга бу сыһыарыы эбилиннэҕинэ, даҕааһын аат үөскүүр: кыһын+ҥы>кыһыҥҥы.
  2. Тылы уларытар сыһыарыылар:

— тардыы сыһыарыыта -ҥ: атыҥ;

— даҕааһын аат суолтатын мөлтөтөн көрдөрөр сыһыарыы -тыҥы: кугастыҥы;

— кэпсиир киэп сыһыарыыта -ыҥ: бардыҥ (билигин ааспыт кэм), барбытыҥ (урут ааспыт кэм), барыаҕыҥ (кэлэр кэм);

— соруйар киэп сыһыарыылара -ыаҕыҥ: барыаҕыҥ; -ыҥ: барыҥ; -аарыҥ: бараарыҥ;

— дьүһүннүүр туохтуур сыһыарыыта -ҥнаа: хантаҥнаа.

Түөлбэлээн саҥарыы саха тылыгар таба саҥарыы нуорматын балачча түөрэҥнэтэр. Холобурдарбытын наардаан көрүөҕүҥ.

  1. Атын дорҕоон оннугар [ҥ] дорҕоону сыыһа тутталлар:

[ҕ]>[ҥ]: моҕус (лит.) – моҥус, маҕаһыын  (лит.) – маҥаһыын;

[г]>[ҥ]: дьэгдьий (лит.) – дьэҥдьий,  тугуй (лит.) – туҥуй.

  1. [ҥ] дорҕоон оннугар атын дорҕоону сыыһа тутталлар:

[ҥ]>[ҕ]: маҥан  (лит.) – маҕан, маҥыраа  (лит.) – маҕыраа;

[ҥ]>[г]: муҥур (лит.) – мугур, уҥуох (лит.) – угуох.

Түргэн саҥаҕа, ол эбэтэр [н] дорҕоонунан түмүктэнэр тыл кэнниттэн [к], [х] дорҕоонтон саҕаланар тылы үргүлдьү этэр түбэлтэҕэ, [н] дорҕоон [ҥ] курдук иһиллэр: [бараҥ кэл], [атыҥ киһи], [сүүрэҥ хаалбыт]. Саха тылын бу уратытын С.А. Новгородов бэлиэтии көрбүтэ, итиэннэ сурукка эмиэ ити курдук киллэриэххэ сөп диэн тус санаатын эппитэ.

Кэлиҥҥи кэмҥэ сорох улуус дьоно тыл кэннигэр турар [ҥ] дорҕоону [н] дорҕоонунан солбуйан, сыыһа саҥарар буоллулар: хатын (хатыҥ онн.), уолун (уолуҥ онн.), турун (туруҥ онн.). Холобур, кэлиҥ диэни кэлин диэтэххэ, тыл суолтата атын диэки иэҕиллэр, хойут диэн өйдөбүлгэ хабааттан барар. [ҥ]>[н] кубулуйуута тыл ортотугар тахсара нууччалыы таттаран саҥарар дьон тылыгар-өһүгэр көстөр: тэннэһэр (тэҥнэһэр онн.), олонхо (олоҥхо онн.), эбэнки (эбэҥки онн.), танара (таҥара онн.).

[ҥ] дорҕоону [н] дорҕооҥҥо кубулутуу – саха тылын үйэлээх үгэһин кэбирэтэр «ыарыы». Саха төрүт дорҕоонун бүттүүн көмүскээбэккэ, баар быһыыны-майгыны көнньүнэн ыытан кэбистэхпитинэ, тылбыт биир ураты көстүүтэ (мурун [j] дорҕоонун курдук) иэрэҥ-саараҥ дьылҕаланар кутталлаах.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА