23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

“Хотугу таһаҕаһы тиэйии туһунан” федеральнай сокуон күүһүгэр киирдэ

Хаартыска: Саха сирэ саайт
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Муус устар 1 күнүттэн “Хотугу таһаҕаһы тиэйии туһунан” федеральнай сокуон олоххо киирдэ. Бу сокуон Уһук Хоту дойдуга олоҕу-дьаһаҕы хааччыйыыны кытта сибээстээх боломуочуйалары чопчулуур, былааннааһыны, судаарыстыбаннай иһитиннэрэр тиһиги киллэрэр.

“Өрөспүүбүлүкэ холобуругар Уһук Хоту дойдуну бастакы уочарат наадалаах бородууктанан уонна табаарынан быыстала суох хааччыйыы боппуруостарыгар федеральнай быһаарыылар чопчуламмыттара. 2023 сыл атырдьах ыйыгар Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин хоту таһаҕас тиэйиитин быраап уонна тэрээһин өттүнэн чопчулуур сокуоҥҥа илии батаабыта”, — диэтэ Саха сирин баһылыга Айсен Николаев.

Таһаҕас тиэйиитин ыгым болдьохтоох  оройуоннарыгар Арассыыйа улахан аҥаара киирэр. РФ 25 субъегын сиригэр 4108 нэһилиэнньэлээх пуун баар. Ол эрээри олохтооҕо – дойду нэһилиэнньэтин 2,1 бырыһыана. 2022 с. кинилэр этэҥҥэ олороллорун туһугар 3,4 мөл туонна таһаҕас тиэрдиллибитэ.

Маныаха бу таһаҕас кээмэйин 84 бырыһыана Уһук Илин ФУо  эрэгийиэнигэр тиксэр: Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр, Чукотка автономнай уокуругар, Камчатка кыраайыгар. Саха сиригэр сүрүн чааһа Хотугу муора суолунан Архангельскайтан уонна Мурманскайтан тиийэр, онтон өрүс тырааныспарынан навигация кылгас болдьоҕун баттаһа айанныыр, онтон ордуга – Уус Кутунан уонна Аллараа Бэстээҕинэн.

Хайдаҕын да иһин, тырааныспар-логистика ситимэ эргэрбитэ бэлиэтэнэр.

Орто хамнас кээмэйэ Уһук Илин ФУо үксүлэригэр Арассыыйа үрдүнэн ыллахха үрдүк.  ТОП-10 киирдилэр:  ЧАО — 142,5 тыһ. солк., Камчатка — 127,1, Халыма — 123,8, Сахалин уобалаһа — 105,6, Саха сирэ — 101,3 тыһ. солк., диэн “Российская газета” суруйар.

Төһө да сыыппара манныгын иһин, нэһилиэнньэ төлөһөр кыаҕа намыһах, ол иһин хоту таһаҕас тиэйиитэ барыстан толуйуллубат. Ону тэҥэ сыана араастаһыыта аска-үөлгэ Арассыыйа орто таһымыттан 5,6 төгүлгэ тэҥнэһэр, аһылык буолбатах табаар көрүҥэр – 2 төгүл. Ол курдук, тиэрдиллэр оҕуруот аһын уонна фрукта бүтэһиктээх сыаната Владивосток поставщиктарыттан 1,4 төгүлүнэн үрдүк. Үүккэ уонна сымыыкка 1,6-тан 5,5 төгүлгэ диэри араастаһар, килиэп оҥоһуктарга —  1,8-тан 4,3-кэ диэри. Ол эрээри хотугу тиэйии социальнай суолталаах буолан, бу систиэмэ судаарыстыбаннай өйөбүлгэ дьайар. Ороскуот сүрүн кээмэйэ Камчаткаҕа, Чукоткаҕа, Саха сиригэр тиксэр.

Федеральнай сокуону толоруу хотугу уустук суоллаах сирдэри хааччыйыыны үбүнэн өйөөһүнү тэҥнииргэ көмөлөһүөҕэ.

Бу хайысхаҕа “Хоту таһаҕас тиэйиитин туһунан” цифровой двойнигы тэрийии буолуо. Манна реестргэ тутаах тиэйээччи, 1392 ыскылаат, тырааныспар 27 араас көрүҥэ, 10000 тиэрдэр сүрүн маршрут, уо.д.а. киириэхтэрэ.

Хоту тиэйиини кэтээн көрүүгэ саҥа судаарыстыбаннай иһитиннэрэр тиһик (ФГИС) олохтонор. Бу туһунан уураахха РФ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин илии баттаата.

“ФГИС – сокуон биир саҥаны киллэриитэ, — диэтэ Уһук Илини сайыннарыы баһылыга Алексей Чекунков. – Ону биһиги судургутук “Яндекс. Севзавоз” диибит.”

Тиэйиини кэтээн көрөр ФГИС 2024-2026 сылларга үлэҕэ киирэрэ былааннанар. Бу былааннааһыны хааччыйыаҕа, ону тэҥэ тиэйиигэ-таһыыга туох харгыс баар буолуон сөбүн кэмигэр быһаарыа, маркировканы хааччыйыаҕа.

Саха сирэ эрдэ саҕалаабыта

Таһаҕас тиэрдиитин кылгас (хаарчахтаммыт) болдьохтоох эрэгийиэннэригэр хоту тиэйиини тупсарыыны федеральнай сокуон ылыллыан иннинэ саҕалаабыттара. Онон чуолаан, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр бу өттүгэр уопут баар.

Ол курдук, Саха сиригэр табаары тиэйии логистикатын судургутуттулар, 2021 с. муниципальнай тэриллиилэргэ тиэрдиини хаттаан бырайыактаатылар. Ол түмүгэр тырааныспарка ороскуот үс төгүл аччатылынна, оттон тиэйиллэр биир киилэ таһаҕаска 400 солк. кэмчилэннэ.

Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата 2020 с. Судаарыстыба саппааһыгар федеральнай агентствоны кытта бииргэ үлэлээһиҥҥэ сөбүлэспитэ. Ол түмүгэр 2022 с. Росрезерв саппааһыттан 1370 туонна аһылык бородууктата тиэрдиллибитэ.

Саха сиригэр өссө аҕыс эргиэн-логистика киинэ үлэлиир, оттон 2025 с. диэри Арктика 13 оройуонугар барытыгар тэриллиэҕэ.

Саха сиригэр ирбэт тоҥ зонатыгар уонна Чукоткаҕа  сылы эргиччи үүннэрэр тэпилииссэлэри үлэлэтии оҕуруот аһын тиэйиини аччатарга көмөлөстүлэр.

“Сокуон бары балаһыанньаларын олоххо киллэрии хоту таһаҕас тиэйиитин болдьоҕун  ортотунан 25 бырыһыанынан уонна итилэр сыаналарын 20 быр. аччатарга көмөлөһүөхтэрэ”, — диэтэ Алексей Чекунков.

Учуонайдар нэһилиэнньэлээх пуун үс бөлөҕүн чопчулаатылар – “өйүүр”, “тирэх” уонна “ыксаллаах” тиэйии. Үһүс категорияҕа саамай ыраахтар киирэллэр. Бу бөлөххө  Саха сиригэр  233 нэһилиэк киирсэр.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

Источник: Саха сирэ саайт

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА