23 Сэтинньи 23.11
  • -22°
  • $ 102,58
  • 107,43

Хотугу эргимтэни сайыннарыы бырагырааматын үбүлээһинэ кыччатыллыбат

09:33, 24 марта 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Олоҕу-дьаһаҕы хааччыйарга былааннаммыт таһаҕаһы сыл аайы кэмигэр тириэрдии – Арктика уонна хотугу улуустарга барыларыгар улахан суолталаах.


13 хотугу эргимтэ улууһа Саха сиригэр саамай ыраах уонна тэйиччи сыталлар. Кинилэри туруктаахтык хааччыйар туһуттан сүрүн таһаҕас сайыҥҥы кылгас кэмҥэ өрүс суолунан тириэрдиллэр. Кэнники сылларга Арктика улуустарыгар навигация уустук уонна ыгым балаһыанньаҕа ыытыллар. Онно Өлүөнэ өрүс орто сүүрүгэр уонна баһыгар уу аҕыйаҕа төрүөт буолар.

СӨ Ил Дархана Егор Борисов Арктика Сүрүннүүр сэбиэтин мунньаҕар иһитиннэрбитинэн, Саха сиригэр табаары (бородууксуйаны) тиэйии тиһигин оҥорор туһуттан «Нэһилиэнньэ олоҕун-дьаһаҕын хааччыйарга Саха Өрөспүүбүлүкэтин нэһилиэнньэлээх пууннарыгар табаары (бородууксуйаны) тиэйии ураты эрэсиимин туһунан» СӨ Сокуонун саҥа барыла ылылынна.

Ил Дархан 2016 сылга Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай бүддьүөтүгэр уларытыылары уонна эбиилэри киллэриигэ хотугу уонна Арктика сирин-уотун сайыннарыы биир кэлим бырагырааматын үбүлээһин кээмэйэ кыччыа суоҕун туһунан эттэ. «Айылҕа-килиимэт уратыларын учуоттааһынтан олоҕу-дьаһаҕы хааччыйыы боппуруостара тутулуктаахтар», – диэтэ Егор Борисов.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА