Үрдүк уонна орто анал үөрэх кыһаларын бүтэрэн эрэр эдэр дьон билигин ханна үлэлии баралларын туһунан толкуйданан, быһаарыы ылынар кэмнэрэ.
Ити иһин Дьарыктаах буолуу өрөспүүбүлүкэтээҕи кэмитиэтэ Арктика күнүн чэрчитинэн, арктическай уонна хотугу улуустарга доруобуйа харыстабылыгар уонна үөрэх эйгэтигэр үлэлии барыахтарын баҕалаахтарга үлэ миэстэтин дьаарбаҥкатын видеосэлиэктэринэн мунньаҕын тэрийдэ. Дьарыктаах буолуу өрөспүүбүлүкэтээҕи кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Степан Москвитин мунньаҕы саҕалыырыгар кулун тутар 12 күнүнээҕи чахчынан, арктическай уонна хотугу улуустарга 178 педагог, 151 эмчит наадаларын туһунан эттэ.
Салгыы арктическай уонна хотугу улуустар бэрэстэбиитэллэрэ быһа сибээскэ тахсаннар, төһө вакансия баарын, эдэр исписэлиистэргэ туох чэпчэтии көрүллэрин туһунан кэпсээтилэр. Ол курдук, дуогабар түһэрсэн үлэлии тиийэр дьоҥҥо кэлэ-бара айан ороскуота, подьемнай көрүллэр, нэһилиэккэ үлэлиир эмчиттэргэ “Земскэй луохтуур”, “Земскэй биэлсэр”, учууталларга “Олорор дьиэ-уот” диэн биэс сыллаах бырагыраамалар үлэлииллэр, быраас орто хамнаһа 120 тыһ. солк., медсиэстэрэ хамнаһа 40-50 тыһ. солк., учуутал хамнаһа 30-40 тыһ. солк. буолар. Абый улууһугар аҕыс быраас (терапевтар, педиатрдар, лор, нарколог о.д.а.), тоҕус учуутал (нуучча тыла, физкултуура, музыка, информатика), Дьааҥыга тоҕус быраас, 24 учуутал, Муомаҕа түөрт быраас, 12 учуутал, Орто Халымаҕа 22 учуутал, 15 эмчит наада эбиттэр!
Ыччаттар ону барытын интэриэһиргии иһиттилэр, толкуйдуох буоллулар, сорохтор бу ый саҕаланыыта ХИФУ тэрийбит дьаарбаҥкатыгар дуогабардаспыт эбиттэр. Холобур, мединституту бүтэрэр Саргылаана Ябловская Орто Халымаҕа кардиологынан барарга кэпсэппит. Бу улууска учууталлыы барар кыыс хайа инженерэ идэлээх кэргэнигэр үлэ наадатын эппитигэр, Дьарыктаах буолуу улуустааҕы киинин бэрэстэбиитэлэ итинник идэнэн үлэ суоҕун быһаарда итиэннэ атын хайысхалаах дьарыгы хааччыйарга үлэлэһиэх буолла.
Мунньах биир уратытынан улуустар олохтоохторо видеосэлиэктэринэн быһа сибээскэ тахсан, хотулары кытары кэпсэппиттэрэ буолла. Ол курдук, Бүлүүтээҕи педкэллиэс алын кылаас учууталларын бэлэмниир салаатын бүтэрэр түөрт кыыс, Сунтаартан технология учуутала идэлээх эдэр киһи, Горнайтан биэнсийэ саастаах историк үлэ ыйыталаспыттарыгар, улуустар үөрүүнэн ыҥырдылар. Степан Москвитин мунньаҕы түмүктүүрүгэр үлэни интэриэһиргээбиттэргэ уталыппакка, министиэристибэлэри уонна улуустары кытары сибээстэһэргэ сүбэлээтэ.