22 Сэтинньи 22.11
  • -22°
  • $ 100,68
  • 106,08

Хоруланы тыатааҕы эргийбитэ бэлиэтэннэ

17:08, 26 июля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бу былдьаьыктаах сайыҥҥы үлэ үгэнигэр Ньурба улууһун Хорулатын олохтоохторугар куттал суоһуур. Бу туһунан «Ньурба оройуона» МТ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.


Хорула дьаһалтатын баһылыгын э.т. Николай Николаев иһитиннэрбитинэн, бөһүөлэги тыатааҕылар буулаабыттар. Ааспыт нэдиэлэҕэ оскуола оҕото оттоон кэлэн иһэн дэриэбинэттэн 40 км. сиргэ 10 миэтэрэ курдук чугаска уун-утары эһэни көрсөн куоппут.

Нэһилиэккэ ыксаллаах балаһыанньа биллэриллибит. Анал хамыыһыйа бэрэбиэркэтин түмүгүнэн, эһэ атаҕын суола дэриэбинэни төгүрүччү эргийбитэ биллибит.

Тыатааҕылар нэһилиэк кылабыыһатыттан чугас ордуулана сылдьаллара көстүбүт. Бу күннэргэ эһэлэр кулуну тардыбыттар, итиэннэ биэни бэлиэтээбиттэрин бэтэринээрдэр эмтии сылдьаллар.

Билигин хорулалар адьырҕа кыыллартан куттанан тыаҕа сир астыы тахсаллара сэрэхтэммитин таһынан, отчуттар отторугар сэрэнэ-сэрбэнэ, кэтэнэ сылдьар балаһыанньалара үөскээбит.

Ыраах нэһилиэккэ тыа аарыма кыыллара дьон-сэргэ олоҕор кутталы үөскэтэллэрин таһынан, хаһаайыстыбаҕа улахан ороскуоту, үлэҕэ-хамнаска харгыстары таһаарыахтарын сөп.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА