№ 2-дээх өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһа — суһал медицина көмөтүн киинин быраастара Нам улууһун Хатырыгар дьон доруобуйатын көрө кэллилэр.
Биригээдэҕэ кардиолог, невролог, оториноларинголог, функциональнай диагностика бырааһа уонна медицина сиэстэрэтэ бааллар, кинилэри кылаабынай быраас бастакы солбуйааччыта Леонид Слепцов салайар.
Быраастар ыам ыйын 21 уонна 22 күннэригэр олохтоохтору кытта үлэлииллэр.
«Ким көрдөрүөн баҕарары барыларын приемнуубут, наада буоллаҕына медицина көмөтүн оҥоробут, стационарнай эмтэнии наада буоллаҕына балыыһабытыгар салгыы дириҥэтэн көрдөрөрүгэр ыытабыт», — диэтэ Леонид Алексеевич.