22 Сэтинньи 22.11
  • -27°
  • $ 100,68
  • 106,08

Хатаска сайын дьэрэкээнин иискэ-күүскэ үйэтититтилэр

Хатас далбардара “Дьикти сайын” бырайыагынан төрүт-иис кистэлэҥнэрин арыйдылар
Хаартыска: ааптар тиксэриитэ
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Сайдыы-үүнүү суолун тобуларга үгэс буолбут култуураҕа олоҕуран, уруккуну умнубакка, ааспыты илии таһынан садьыйбакка, төрүт үгэстэри сөргүтэн, чиҥэтэн, үөрэтэн үлэлиир-хамсыыр бигэ суол буолар. Ордук чуолаан сөргүтүү диэҥҥэ тохтоон ааһыаҕыҥ.

Сөргүтүү, ол аата урут баары, буолбуту өйдөтүү, чөлүгэр түһэрии, үөрэтии, дириҥэтии, кэҥэтии буолар. Саха омугу мээнэҕэ аһыныгас санаалаах арҕаһыттан тэһииннээх айыы, көмүскэс санаалаах көхсүттэн тэһииннээх күн улууһун улуу норуота диэн ааттаабатахтар. Өркөн өйдөөх өбүгэбит үтүө үгэстэрин, мааны майгытын кистэлэҥнэрин иис-күүс, уус эйгэтинэн орто дойду олоҕун киэҥ киэлитин уораҕайыгар кэлин кэлэр кэнчээри ыччакка кэһии, үүнэр үтүө дьоҥҥо үтэ гынан кистээн-кистээн сытыаран олох араас добун долгунугар оҕустарбакка, сүтэрэн-оһорон кэбиспэккэ күн бүгүҥҥү олохпутугар тиэртэҕэ.

Ол да иһин буолуо саха дьахтара иискэ-күүскэ дьоҕура көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн кэрэ бэлэх буолан сылдьарын уһугуннаран, күөдьүтэн биэрдэххэ көрүөхтэн кэрэ сылаас, сырдык сыдьаайдаах, истиҥ иһирэх тыыннаах оҥоһуктар тахсалларын “Тускул” КК “Дьикти сайын” диэн бырайыага дьиҥ чахчы дакаастаата.

Ол курдук, Хатаспыт талааннаах далбардара СӨ норуот уус уран оҥоһуктарын маастара, Хатас нэһилиэгин норуотун маастара Пестерева Анна Петровна, Хатас нэһилиэгин норуотун маастара, СӨ эбии үөрэхтээһин үрдүкү категориялаах уһуйааччыта, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна Алексеева Анастасия Ивановна, Хатас нэһилиэгин норуодунай маастара, СӨ норуот уус-уран айымньытын сайдыытыгар кылаатын иһин бэлиэ хаһаайката Чабыева Наталья Гаврильевна алта үөрэнээччигэ бэйэлэрин билиилэрин биэрдилэр, сатабылларын иҥэрдилэр. Инньэ гынан, бу уон хонук иһигэр оҕуруонан киэргэтиллибит кылынан өрүллүбүт түөс киэргэлэ (харысхалаах), кыбытык ньыматынан тигиллибит биэс харахтаах харысхал уонна быысапканан, оҕуруонан, тимиринэн киэргэтиллибит хаппар суумканы оҥордулар.

Бырайыак буоларын быһыытынан бу этиллибит ииһи-күүһү таһынан интэриэһинэй дьону кытта көрсүһүү, түмэллэргэ сылдьыы уонна далбар хотуттар буолалларын быһыытынан ас-үөл бэлэмнээһинин кистэлэҥнэрин арыйсан араас бүлүүдэлэри оҥорон уон хонук тухары минньигэс эбиэтинэн аһаатылар. Биирдиилээн билсэр буоллахха бөлөх старостата Павлова Евдокия Андреевна киэҥ-куоҥ сырыылаах, эгэлгэ эйгэлээх бочуоттаах сынньалаҥҥа барыар диэри тыа хаһаайыстыбатын араас салаатыгар хаһаайыстыба араас көрүҥүн баһылаабыт (ИП, КХ, ЛПХ) куруутун олох үөһүгэр, күүрүүлээх үлэ үгэнигэр сылдьыбыт киһи. Дьиҥэ, күн бүгүн даҕаны оҕуруота киһи мыыммат гына элбэх. Кэлиҥҥи сылларга хайдах эрэ бэйэм да билбэппинэн төрүт иискэ курдаттыы тартаран сыыйа-баайа ол бу араас тэрили, таҥаһы сабы булан-талан, атыылаһан ис-тас туруктуун бэлэм сылдьыбыт эбиппин диэн сэһэргиир.

Кырдьыга да оннук буолан таҕыста, бу бырайыак туһунан оруобуна саҕаланар күнүгэр болдьоммут чаас буолуо сүүрбэччэ мүнүүтэ хаалбытын кэннэ истээт даҕаны сонно тута хомунан кэлбитэ. Биллэн туран ииһи олох сатаабат этэ диир табыллыбат, тоҕо диэтэргин кини баайар даҕаны, иистэнэр массыынанан тук курдук иистэнэр буолан баҕарбыт таҥаһын тигиннэ, баанна даҕаны субу кэтэн барар киһи. Онтон төрүт иис кистэлэҥнэрэ элбэҕин сэгэтэн көрөн билэн өбүгэлэрбит өркөн өйдөрүн өссө төгүл сөҕө-махтайа биллибит диэн үөрэ-көтө кэпсиир уонна айар-тутар суол саҥа саҕахтарын арыйан үс маастар үөрэтиилэринэн үс оҥоһуктаммытыттан дуоһуйар.

Акулина Борисовна Андреева, Дарья Алексеевна Мордовская ыаллыылар, биир кэмҥэ Хатас сопхуоска сүрүннээн оҕуруокка буһа-хата үлэлээн-хамсаан кэлбит дьон буолаллар. “Дьикти сайын” туһунан биллэриини истээт-көрөөт даҕаны сонно тута төлөпүөнүнэн суруйтаран хара маҥнайгыттан хайдах ис сүрэхтэриттэн үөрэ-көтө, сырдыы, сылаанньыйа кэлбиттэрэ. Үлэлэрэ-хамнастара да биир оннук сырдык сыдьаайдаах буолла. Сыалы-соругу бэрт элбэх саҥата суох ылынан толоро үөрэммиттэринэн, көнөтүнэн сыралаһан туран үлэлээн сэбэрэлиин сэргэхсийдилэр, күннэҕи түбүктэн атын эйгэҕэ киирэн өйдүүн-санаалыын байдылар, сатабылларын кэҥэттилэр. Мария Афанасьевна Сивцева эмиэ оҕуруот үлэтин этинэн-хаанынан, өйүнэн-санаатынан баһылаабыт, өр сылларга оҕуруот үлэтигэр мускуллубут киһи. Иискэ-күүскэ лаппа үчүгэй дьоҕурдаах,дьикти кэрэ сииктээх, этэргэ дылы туппута тупсар, ылсыбыта ыпсар дьиҥ чахчы далбар хотун. Александра Федотовна Чемерзанская уһун кэмҥэ улуу нуучча тылыгар уһуйбут, бэлиэ суоллаах-иистээх учуутал, кэрэ куоластаах ырыаһыт. Иис-күүс эйгэтэ киниэхэ саҥа-сонун буолбатах эрээри төрүт иис эйгэтэ уратылардаах, туспа кистэлэҥнэрдээх,бэйэтэ туспа эйгэлээх эбит диэн кэпсиир. Сүрдээх тупсаҕай, ис киирбэх оҥоһуулаах, өҥү-дьүһүнү олус табыгастаахтык дьүөрэлэммит, киһи эрэ барыта тута сылдьыан баҕарар хаппарын тиктэ.

Бу бырайыак хара саҕаланыаҕыттан, өйгө-санааҕа киириэҕиттэн хайдах эрэ барыта ис иһиттэн сааһыланан, наарданан буолуохтааҕын курдук тэтимнээхтик, үрдүк таһымнаахтык барбытын биһиги Тускуллар – тэрийээччилэр буоларбыт быһыытынан хайаан да бэлиэтээн этиэхпитин наада. Ол бука өбүгэбит өркөн өйүттэн, чахчыта да кэлин кэлэр кэнчээри ыччакка кэһии, үүнэр үтүө дьоҥҥо үтэ гынан кистээн-кистээн сытыаран олох араас добун долгунугар оҕустарбакка, сүтэрэн-оһорон кэбиспэккэ күн бүгүҥҥү олохпутугар тиэрпититтэн буолла диэн сүүс бырыһыан итэҕэйдибит уонна саха сатаабатаҕа суох диэн этии оруннааҕын өссө төгүл дакаастаатыбыт диэн үөрэбит.

Үөрэх бүтэн анал кумааҕы-сэртипикээт туттулар-кэлин салгыы айар-тутар суол устун айаҥҥа наһаа наадалаах докумуон. Уонна сарсыҥҥытыгар бары сиэттиспитинэн Нам улууһугар икки түмэлгэ сылдьан норуот айымньытын олус диэн харыстаан, бары быраабыланы тутуһан харайа, көрө-истэ сылдьалларын көрөн Никольскайга баар Сир оҥоһуутун, бурдугу үүннэрии уонна Намҥа баар историко-этнографическай түмэллэригэр ис сүрэхтэриттэн махтана санаатыбыт.

Намҥа барыыны тэрийиигэ көхтөөх кыттыыны ылбыт Дьокуускай куорат Дууматын депутатыгар Иван Владимирович Салатюкка махталбыт муҥура суох. Онтон Хатас нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыгын Пермяков Евгений Петровиһы кытта көрсүһүүгэ нэһилиэк туһунан элбэх сонуну иһиттилэр,бэйэлэрин санааларын тиэртилэр. Икки өттүттэн көрсүһүүттэн дуоһуйууну ыллылар.

Наталья Руфова, Хатас

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА