Тапталлаах дойдубут ураты тыына хас биирдиибитин тулуурдаах-дьулуурдаах, кэрэни, үтүөнү өйдүүр, ол эйгэтин кэҥэтэр-дириҥэтэр туһугар туһуламмыт олохтоох буоларбытын ирдиир. Саха дьоно барахсан оччоттон баччаҕа диэри ылсан-бэрсэн, өйөнсөн – убансан, охтон эрээччигэ илиитин биэрэн, доҕолоҥнообукка тоҥолоҕун тоһуйан кырыа кыһын кыһарҕанын, өҥүрүк куйаас сыралын,сырбаҥ-татаҥ сытыы тыалы, бурҕачытар буурҕаны, уу суту, кураан дьыллары туораан кэллэхтэрэ. Ол олох суруллубатах сокуона.
Эр дьоммут ойон тахсар күн оломугар олорсон, дьыл – кэм тэтимин тутуһан тэлгэһэни тэринэн, олбуору оҥостон аҕыс ый хамсаабат хартыыналаах, сэттэ ый сыҕарыйбат көстүүлээх, ытырбахтыыр тымныылаах, дьэбин уостар дьыбардаах кыһыммыт устатын тухары ып ыраас, дьэҥкир муус уутун иһэргэ бэлэмнэнэн муус ылыыта, иһэр уу бэлэмнээһинэ диэн үлэни-хамнаһы оҥороллор. Урукку кэмнэргэ ыал аайы ампаардарга муус ыларга, муҥхаҕа, кыстыкка туттуллар анабыл тэриллэр, таҥас-сап кичэллээхтик ууруллан, ыйанан турар буоллаллара.
Билигин олох хаамыытын хардыытынан, тэтиминэн туттар тэриллэр үлэни чэпчэтэр, судургутутар өттүгэр уларыйдылар – тэлэрийдилэр. Ол гынан баран үлэ тоҕо оҥоһулларын ис хоһооно, быһыы-майгы – аламаҕай, аһыныгас буолуу, үтүө санааланыы үйэттэн үйэҕэ үгэс буолан күн бүгүн да баара барыбытын да үөрдэр. Инньэ гынан, бу күннэргэ кыһыҥҥы ас-үөл бэлэмнээһинэ – идэһэни дьаһайыы, муус ылыыта, муҥхалааһын, дьиэни-уоту кыһыҥҥыга оҥостуу буолла.
Дойдуга буола турар быһыы-майгы чэрчитинэн быстах хомуурга барбыттар дьиэ – кэргэттэригэр көмө-имэ бу күннэргэ киэҥ нэлэмэн сахабыт сирин бары нэһилиэктэригэр буола тураллар. Биһиги Хатастар эмиэ онтон туора турбатыбыт, ол туһунан кэпсээтибит – сэһэргээтибит. Бииртэн биир түмсүүлэрбит, холбоһуктарбыт, биирдиилээн дьоннорбут туох кыалларынан көмө-имэ, сүбэ-соргу буола турар. Ити үлэ чэрчитинэн, Хатас нэһилиэгин дьаһалтатын кэлэктиибин эр дьоно, Хатас орто оскуолатын, Хатастааҕы успуорт оскуолатын мас тардыһыынан, буоксанан дьарыктанар оҕолор группалара тренердэринээн, «Ситим» оҕо айымньытын дьиэтин үлэһиттэрэ иитиллээччилэринээн, уонна Хатас нэһилиэгин дьаһалтатын үлэһиттэрэ, биирдиилээн баҕалаах дьон сэтинньи ыйга икки төгүл мустан көхтөөхтүк үлэлээн уонунан ыалга мууһу ылан, аҕалан биэрдилэр.
Суруйуубут түмүгэр нэһилиэк дьонун – сэргэтин ааттыттан аахсыйаҕа кыттыбыт оҕолору кытта тэҥҥэ сылдьан кинилэри тэрийэн, дьаһайан Пермяков евгений Петровичка, Роман Владиславович Обоюкиҥҥа, Евсеев Григорий Филипповичка, Осипов Алексей Дмитриевичка, Саввин Гаврил Михайловичка, Гаврильев Николай Николаевичка, Васильев Николай Николаевичка, бэйэлэрин чааһынай массыыналарынан дьону, мууһу тиэйэн көмөлөспүт Горохов Евгенийга, Халиуллин Рафаэльга, Андреев Викторга, Игнатьев Иваҥҥа, Георгий Оконушкиҥҥа Денис Пинигиҥҥэ, Иван Смирниковка, Владимир Охлопковка, Виктор Константиновка барҕа махталбытын тиэрдэбит.
Ааптар: Н.Руфова, Хатас