Киин куораппыт киэҥ киэлитигэр сахалыы тыллааҕы, сахалыы санаалааҕы ытыһын үрдүгэр тоһуйан көрсөр Дьокуускай куораттааҕы норуот айымньытын киинин иһинэн үлэлиир «Арчы Дьиэтэ» Духуобунай кииҥҥэ Хатастааҕы норуодунай тыйаатыр ыалдьыттаата. Ахсынньы 4 күнүгэр, хаһан да буоларын курдук, дьиэлээхтэр күлэ-үөрэ, саҥа аллайа, алаадьынан айхаллыы көрүстүлэр.
Хатастар өттүк харалаах, илии тутуурдаах тиийэннэр, төрөөбүт тылбыт түгэҕэ көстүбэт көмүс, улаҕата көстүбэт барҕа баайын иҥэриммит чулууттан чулуубут, улуу киһибит С.А.Сибиэрэп – Кыыл Уола суруйбут «Кулун кугас аттаах Куллустай Бэргэн» олоҥхотун көрдөрдүлэр. Киһи кэрэхсиирэ мустубут дьон көлүөнэ ситимин тута сылдьар буолан, сиэннэрдээх эбээлэр-эһээлэр, төрөппүттэр бииргэлэрин бигэргэттилэр.
Сахабыт тыла дьиҥ чахчы бараммат баайбыт буоларын өбүгэ саҕаттан кэлбит үгэһинэн көмүлүөк оһох сылааһыгар тартаран, таһырҕаччы умайар киил мас тыаһыгар доҕуһуоллатан олорон биир тыынынан иһиттилэр-көрдүлэр. Кырдьыга даҕаны, көмүлүөк оһох уотун көрдүҥ да хараххар сылы быһа күүппүт-кэтэспит аптаах- алыптаах холбукаттан хостоон эрэрдии хоһуйа, туойа, илбиһирэ кэпсиир олоҥхоһуту хараххар көрөҕүн. Дьиэ хаһаайыттара кэлбит ыалдьыттары Билгэ ыйыгар үктэнэн туран өбүгэлэрбититтэн бэриллибитинэн тыл-өс күүһүн иҥэринэрдии, күүс-уох эбинэрдии алгыс долгунугар киллэрдилэр. «Саха» НКиК бу үтүө түгэни мүлчү туппата, кэлэн уһулла.
Бу туһунан саха норуотун култууратын нэһилиэстибэтэ үйэтитиллэригэр, үүнэригэр-сайдарыгар сылайары билбэккэ сыралаһан үлэлээбит, үлэлиир Андреева Лариса Константиновна маннык диэн сэһэргээтэ:
— Сэтинньи 25 күнүттэн Олоҥхо декадата Саха Өрөспүүбүлүкэтин үрдүнэн киэҥник бэлиэтэнэр. Бу күн ЮНЕСКО Олоҥхону киһи аймах тылынан уонна өйүнэн айбыт култуурунай нэһилиэстибэтин үйэттэн үйэҕэ бэриллэр күндү баайа диэн аан дойду шедеврдэрин ахсааныгар киллэрбитэ. «Арчы Дьиэтэ» духуобунай култуура киинигэр, декаданы түмүктүүр тэрээһининэн Хатастааҕы норуот тыйаатырын артыыстардаах, үлэһит кэлэктииптэрэ кыттыылаах, «Дорҕоон суола» тыыннаах доҕуһуоллаах, Сергей Зверев — Кыыл Уола олоҥхотугар олоҕуран «Кулан кугас аттаах Куллустай Бэргэн олоҥхо» испиктээк, режиссер Евдокия Семенова туруоруутугар ахсынньы 4 күнүгэр бэрт сэргэхтик, сылаас ытыс тыас аргыстаах, көмүлүөк оһох сылаас уотун тула түһүлгэлээн буолан ааста. Бары артыыстар ис-истэриттэн кыһаллан, итэҕэтиилээхтик оонньоон, дьон-сэргэ махталын ыллылар, тыыннаах доҕуһуол бу олоҥхону өссө күүскэ киэргэттэ, турукка киллэрдэ. Күндү биир үөлээннэхтэрбитин, Хатастааҕы «Тускул» култуура киинин бары үлэһиттэрин (сал. В.А. Чепалов) саха төрүт үгэһин, култууратын, тылынан баайын-дуолун кэлэр кэнчээри ыччакка тарҕата сылдьаргытыгар дириҥ махталбытын биллэрэбит. Олоҥхоҕо биһиги омукпут култуурунай куода – саха омук киһи буолар килбиэнэ, өлбөт-сүппэт силиһэ, тускулаах туруга кистэнэн сылдьар диэн бигэ итэҕэллээхпин.
СИА: ахсынньы 5 күнүгэр 18.00 чаастан Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр бу испиктээги көрүҥ, сэргээҥ диэн бар дьоммутун ыҥырабыт.
Ааптар: Наталья Руфова, Хатас — Дьокуускай.