22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

Хатас ийэлэрэ быстах байыаннай хомуурга ыҥырыллыбыттарга анаан мал уктар суумкалары тиктилэр

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Сомоҕолуур, түмэр аналлаах Хотой ыйын анала дьиҥ чахчы наада күннэрэ үүннүлэр. Хатас дьоно-сэргэтэ хаһан да буоларын курдук түмсэн, сомоҕолоһон бэйэбит оҕолорбутугар, аҕаларбытыгар, убайдарбытыгар көмө-тирэх буоллулар.

Быстах байыаннай хомуурга ыҥырыллыбыттарга анаан үп-харчы хомуллуутун таһынан, имигэс илиилэринэн, талаан тарбахтарынан, өркөн өйдөрүнэн, сатабылларынан эмп-том, суһал көмө маҥнайгы түгэнигэр туттуллар маллар угуллар, анал дьоҕус курга иилиллэр суумкалары ийэлэр тигэн бэлэмнээтилэр.

Ол курдук Попова Сардана, биэс оҕолоох ийэ, Розалия Дегтярева, 4 оҕолоох ийэ, Нина Софронова, 4 оҕолоох ийэ, Дария Семенова эдэркээн ийэ.

Анал суумкаларга матырыйаалы миэтэрэнэн таҥаһы атыылыыр «Ажура» маҕаһыын хаһаайката Семенова Саргылана босхо биэрдэ. Бу маннык туһуламмыт көмө анаммыт аадырыһыгар тиийэригэр кыһаллан туран, »Мобилизацияҕа барбыт эр дьоммутугар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмө» диэн анал бырагыраамалаах түмсүү баар. Түмсүү ииһинэн эрэ дьарыктаммат. Эбии уолаттарбытын кытта сибээһи тута сылдьыы, үп-харчы мунньуута, аадырыстаан ыытыы киирэр кинилэр былааннарыгар.

«Айыы сирин дьонноро аһыныгастар, күн сирин дьоно көмүскэстэр. Оннук этэ, оннук уонна буолуо да буоллаҕа. Кэлиҥҥи сылларга ыарыы буулаабатаҕына байыаннай балаһыанньа, байыаннай балаһыанньа буолбатах буоллаҕына — ыарыы диэн солбуһа сылдьан соччото суох сонуннар солбуһа сылдьан сүрэх ыарыыта, дууһа долгуйуута буоллулар. Онон киһи киһиэхэ сылаас сыһыана, көмөтө, өйөбүлэ тыынар салгын курдук наада кэмэ турар. Этэҥҥэ буолууну баҕарабыт», — диэн Хатастан СИА-ҕа суруйда Наталья Руфова.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА