2018 сыл тохсунньутуттан өрөспүүбүлүкэҕэ хамнас алын кээмэйэ (МРОТ) 23 723 солкуобайга (хотугу улуустарга — 26 569 солк.) тэҥнэспитэ. Бу сыл ыам ыйыттан хамнас алын кээмэйэ өссө үрдээн 27 900 солкуобайга тэҥнэһиэҕэ (хотугу улуустарга 31 256 солк.).
Өскөтүн үлэһит хамнаһа ити ыйыллыбыт суумаҕа тиийбэт буоллаҕына, араастаһыыта судаарыстыбаннай бүддьүөттэн төлөнөр. Бу сыалга СӨ бырабыыталыстыбата 4,5 млрд. солк. тыырда. Атын эйгэ үлэһиттэрэ, чааһынайдар, предпринимателлэр бэйэлэрин үптэриттэн ылан үрдэтиэхтээхтэр. Онон хамнас алын кээмэйин үрдээһинэ бүддьүөт эйгэтигэр эрэ буолбакка, үлэһиттэргэ барыларыгар сыһыаннаах.
Хамнас алын кээмэйин өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна улуустааҕы ыстааптар хонтуруоллууллар. Үлэ сокуонун кэһии таҕыстаҕына, үлэни биэрээччи ыстарааптанар. Маны тэҥэ үлэ бырааба кэһиллиитин туһунан иһитиннэрэргэ анаан төлөпүөн нүөмэрэ баар буолла.
Хамнаһыҥ МРОТ кээмэйиттэн кыра буоллаҕына, бу нүөмэргэ эрий:
42-03-92
34-09-36
Үлэни биэрээччилэр сүбэ-ама көрдүүр буоллахтарына:
34-38-75
42-58-93.