Эльга өрүс муостатын таһыгар суураллыбыт суолга өрөмүөннүүр үлэ бара турар.
Манна ыарахан тиэхиньикэ, матырыйаал кэллэ. «Бу нэдиэлэ устата сырыы оннугар түһэриллиэҕэ. Наада буоллаҕына, эбии тиэхиньикэни аҕалыахпыт», — диэн «Халыма» суолу салайар управлениеттан иһитиннэрдилэр.
Өймөкөөн улууһугар күүстээх ардахтар кэннилэриттэн Эльгаҕа уу таһыма аһара үрдээн, муостаҕа диэри тиийэр суол суураллыбыта. От ыйын 14 күнүттэн суол сулууспалара уонтан тахса самосвалы, о.д.а. суол тиэхиньикэтин үлэҕэ ыыппыттара.
Улахан таастары аҕалар туһугар дэлби тэптэрии үлэлэрэ бара тураллар.