Биологическай ресурсалар, ООПТ уонна айылҕа пааркаларын дирекциялара кыһыҥҥы кэмҥэ дьиикэй кыыллары аһатар үлэтин саҕалаата. Ол туһунан экология министиэристибэтэ СИА-ҕа иһитиннэрдэ.
Орто Халыма улууһун «Халыма» айылҕа пааркатыгар биотехническай дьаһаллар ылыллаллар. Үлэһиттэр дьиикэй кыыллары аһатар былаһааккалары бэлэмнээтилэр, от уурдулар, талах ыйаатылар. Аһылыктара күһүн бэлэмнэммитэ, диэн суруйар дирекция пресс-сулууспата.
Бэлиэтээн эттэххэ, бу кэмҥэ кыыллары аһатыы — булт хаһаайыстыбаларыгар сүрүн сорук буолар.
Биотехническай дьаһаллар кыыллар аһыыр уонна харысхаллаах буолууларыгар усулуобуйаны хааччыйар.
Хаартыскаҕа: госинспектор Петр Третьяков