«Саханефтегазсбыт» Хаандыгатааҕы филиалыгар (салайааччы Виктор Дронов) уматыгы тиэммит бастакы танкердар кэллилэр.
Бэс ыйын 1 күнүгэр дизельнэй уматыгы тиэммит бастакы танкер кэллэ. Өймөкөөн улууһун көмүһү сууйар артыалларыгар тиэрдиллиэхтээх 800-чэкэ тонна уматыгы тиэнэн кэлбитин сүөкээтилэр.
Иккис танкер 1,5 тыһ. тонна АИ- 92 бензини аҕалла. Уматыгы Томпо улууһун тэрилтэлэригэр уонна АЗС-тарга анаан аҕаллылар. «Саханефтегазсбыт» Хаандыгаҕа, Дьабарыкы-Хайаҕа, Кириэс Халдьаайыга уонна федеральнай суолга баар Кэскилгэ, Теплай Ключка, Куйдуһуҥҥа, Күбүмэҕэ АЗС-тардаах.
Маны таһынан уматыгы Хаандыгатааҕы филиалга «Сахаэнерго» АУо уонна Алдан куораттан «Энергия» уматык хампаанньата (салайааччы Александр Попов) уурдараллар. 40 цистернэҕэ 110 тыһыынча тонна уматыкка тиийэ ууруохха сөп.
Сайын Томпоттон ураты ыаллыы Өймөкөөн улууһун хааччыйар буоллахтарына, кыһыҥҥы кэмҥэ Үөһээ уонна Аллараа Халымалар, Дьааҥы уонна Муома массыыналара кэлэн ууруллубут уматыгы тиэнэн бараллар. Холобура, ааспыт кыһын Муома оройуонугар 2 тыһ. тонна уматыгы биэрбиттэрэ.
Ольга Федорова, оператор:
— Операторскайга аҕыс дьахтар үлэлиибит: маастар Маргарита Пальцева, лаборант уонна алта оператор. Биһиги үлэбит автоматизацията суох, онон эстакадаҕа тахсар хас биирдии массыынаны таһырдьа тахсан хонтуруоллуубут, уматыгы кутар турба кыраанын аһабыт-сабабыт, төһө куубу тиэммиттэрин сурунабыт. Танкердар уматыктарын түргэнник сүөкээн барыахтаахтар, онон үлэ тохтуо суохтаах, ол иһин сменанан үлэлиибит.