Муус устар 16 — ыам ыйын 31 күннэригэр «Полярные авиалинии» авиахампаанньа Маҥан аэропортан Сангаарга, Уус Майаҕа уонна Хаандыгаҕа субсидиялаах тарыыптарынан авиарейстары оҥорор, Ан-2 уонна Ан-3 сөмөлүөттэринэн.
Ол туһунан тырааныспар министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.
Субсидиялаах авиарейстар Кэбээйи, Уус-Майа уонна Томпо улуустарыгар сааскы суол хаайыытын кэмигэр тохтоло суох тырааныспар сырыытын олохтуур сыаллаах оҥоһуллаллар.
Көтүү кыраапыга уонна билиэт сыаната: муус устар 16 күнүттэн Хаандыгаҕа — оптуорунньук, чэппиэр (анал тарыып 11 172 солк); муус устар 22 күнүттэн Сангаарга — бэнидиэнньик, сэрэдэ, бээтинсэ (анал тарыып 7743 солк); муус устар 24 күнүттэн Уус-Майаҕа — сэрэдэ, субуота (анал тарыып 10 259 солк).
Электроннай сурутуу бу авиарейстарга «Полярные авиалинии» хампаанньа каассаларыгар муус устар саҕаланыыта арыллар.