Хаҥалас улууһугар икки хайысханан муус суол аһаҕас. Быһаарыы халлаан туругун көрөн ылылынна.
Мохсоҕоллоох — Хачыкаат хайысханан муус суол муус устар 25 күнүгэр диэри үлэлиирэ быһаарылынна. Ити эрээри халлаан, муус суол туругуттан көрөн суол эрдэ сабыллыан сөп. Көҥүллээх уйук 3 туонна.
Покровскай — Күөрдэм хайысханан муус устар 23 күнүгэр диэри суол аһаҕас.
Суоппардар хааччахтааһыны тутуһаргытыгар уонна айаҥҥа сэрэхтээх буоларгытыгар сэрэтэллэр.



