2022 сылга Хаҥалас улууһун 20 эдэр ыала «Эдэр ыаллары олорор дьиэнэн хааччыйыы» уонна «2020-2024 сс.Хаҥалас улууһугар физическэй култуура, спорт уонна ыччат политикатын сайыннарыы» муниципальнай тус сыаллаах бырагырааманан дьиэ туттуохтара эбэтэр атыылаһыахтара. Оройуон баһылыга Олег Иринеев бэлиэтээбитинэн, бырагыраамаҕа кыттар ыал ахсаана сыл аайы эбиллэн иһэр, диэн СИА иһитиннэрэр.
«Дьиэ- уот боппуруоһа сытыытык турар, ордук эдэр ыалга. Ол эрээри, «Эдэр ыаллары олорор дьиэнэн хааччыйыы» бырагыраама көмөтүнэн эдэрдэр баҕа санаалара олоххо киирэр кыахтаах, маныаха улууска бүддьүөт көрүллэр. Быйыл бу сыалга оройуон бүддьүөтүгэр 2 мөлүйүөн солкуобайы көрбүппүт», — диэн улуус баһылыга кэпсээтэ.
Быйыл бу бырагыраамаҕа улуус 20 эдэр ыала кыттыаҕа. Кинилэртэн сайаапкалары уонна докумуон бакыатын ыччат физическэй култуураҕа уонна спортка салалтата хомуйбута. Отдел исписэлиистэрэ быһаарбыттарынан, быйыл бырагыраамаын үбүлээһин кээмэйэ 12 мөл. солк. тахса эбит. Сертификаты дьиэ тутуутугар, кыбартыыра атыылаһыытыгар уонна ипотечнай кредити төлөөһүҥҥэ туһаныахха сөп. Биэдэмистибэ хамыыһыйатын мунньаҕа олунньу бүтүүтэ ыытыллыаҕа.